Уол анала
Үрүҥ күн анныгар,
Орто дойду олоҕун
Тутуллар туонатыгар
Күн сирин көмүскэлэ,
Айыы аймах араҥаччыта
Көмүскүүр күүс күөннэнэн,
Эрдээх санаа эҥэрдэнэн,
Иҥиир ситии иҥэһэлэнэн,
Экчиргэлээх эр бэрдэ
Урааҥхай уруутугар,
Саха омук аймаҕар
Айыллан кэллэ — кэнчээри
Үс кырыы уол оҕо буолан. Читать далее «Уол анала»
Таптал–олох ымыыта
Куйаар кутун
Кутуллар кустуга,
Сирдээҕи сигили
Сиэдэрэй симэҕэ —
Таптал – куйаар, сир ситимэ,
Тыынар тыыннаах
Айыллар аартыга,
Оломноох олох
Кэрэмэн кэрэһитэ. Читать далее «Таптал–олох ымыыта»
Саха кыыhа
Саха дьахтара
Ыраас санаа ыллыктаах,
Үтүө санаа үктэллээх.
Ыал кута хоннохтоох,
Алаһа дьиэ илгэлээх,
Ырыаҕа ылланар,
Хоһооҥҥо хоһуйуллар
Саха дьахтара барахсан. Читать далее «Саха дьахтара»