Уол анала

Үрүҥ күн анныгар,

Орто дойду олоҕун

Тутуллар туонатыгар

Күн сирин көмүскэлэ,

Айыы аймах араҥаччыта

Көмүскүүр күүс күөннэнэн,

Эрдээх санаа эҥэрдэнэн,

Иҥиир ситии иҥэһэлэнэн,

Экчиргэлээх эр бэрдэ

Урааҥхай уруутугар,

Саха омук аймаҕар

Айыллан кэллэ — кэнчээри

Үс кырыы уол оҕо буолан.

Айар аартык аргыстанан,

Айан үөскэтэр оҥоһууланан,

Айыллыбыт аҕа айылҕатынан,

Ситэ төргүүлэнэн төлөһүйэн,

Сир ийэ кытаанах чиргилэ,

Тиргиллэр титирик чэгиэнэ,

Уол оҕо толуута тутулланан,

Буутун этэ буһан,

Холун этэ хойдон,

Сиһин этэ ситэн,

Иитиллэр эйгэнэн эллэнэн,

Кэрэни кэрэхсиир кэмнэнэн,

Кэрэ куо кэрэтигэр куустаран,

Айар аҕа айылгын аһыллан,

Ороһулаабат оҕо оҥорууланан,

Аһыныгас санаа аргыстанан,

Үтүө санаа үөтүүлэнэн,

Балаҕан, харысхал баһылыга

Тиэргэн тирэнэр тирэҕэ буолаҕын.

Оллоонноох олох тускулланан,

Түөрүллүбэт түөрэххин түһэринэн,

Уйгулаах олох туонатыгар

Тойон сэргэни туруорунан,

Урааҥхай уруутун тэрийэр

Саха саарына, омук харысхала —

Үрүҥ Уолан буола үүнэҕин.

Тутуллар олох тускулугар куустаран,

Сыһыыга сылгы сиэтиилэнэн,

Сарсыҥҥы сырдыгы сырсар,

Сайдан, үүнэн үрдүүр

Саргылаах саҥа ыал араҥаччыта.

Хонууга хороҕор холбоһуннаах,

Ходуһа хорутуулаах хоннохтооҕо,

Хоһуун хоодуот хорсуна,

Үүнэр көлүөнэ көмүскэлэ,

Урааҥхай улуута буола уһуйуллан,

Ситэн-хотон, баараҕадыйан,

Толуу-мааны тиит мас

Төргүүлээх төрдүн түстэнэн,

Суон силистэнэн сириэдийэн,

Тэнийэн дириҥээн үүнэҥҥин,

Ыччаккын ыытаҕын

Ыырдаргынан ыраахха,

Саха омугун элбэтэ-үксэтэ,

Уйгулаах олоҕун оҥотторо.

Хаарыҥ халыҥаан,

Үктэлиҥ үксээн,

Сааһыран кырдьан түспэтийэн,

Кэс тылы кээһэр кэмнэнэн

Үүнэр үгүс сылларга, үйэлэргэ

Кэннигэр хаалар кэскиллэргэр,

Олоххун салгыыр үнүгэстэргэр

Олорор олохторо саргыланарыгар

Өлбөт-сүппэт уһун үйэлэнэллэригэр

Барҕа баҕа алгыскынан арчылаан,

Ытык иэскин толорунан,

Толору томтойо үүнэр олохторун

Түөрүллүбэт, түҥнэстибэт түстээн,

Олорбут олоҕуҥ толору тосхоллонон,

Үөрүүҥ үрдээн, санааҥ астынан,

Кэрэни кэрэһэлиир, ытык-мааны

Кырдьаҕаспыт буолаҕын!

Эйиэхэ барҕа махтал,

Толору олох туоһутугар —

Айбыт аҕабытыгар!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *