Үрүҥ күн анныгар

Орто дойду олоҕор
Ийэ сиир силигин
Илгэлээх иэнигэр
Үүнэр үлэхтээх
Тыынар тыыннаах
Бэрийиллэр биһиктээх
Түөрэхтээх түһүн
Төлкөтүн төрдө
Талаар , талба — Таптал
Таптал — дьол уйата
Күүтүүлээх күндү
Кэтэһиилээх кэрэ
Кут куустуһар кустуга
Айылгы айыллар аартыга
Уйулҕа уһуктар утума
Айыы тыынын Айхала
Ытык анал , арҕаһа
Кэһиллибэт кэриэс
Олох айыллар аартыгын
Сирдээҕи силик ситимин
Сиэрин ситимэ
Туомун тутула
Тосхойор толору дьол !!!

Торумнаатым дьолу тосхолу — Тирэх Уйбаан !
28 , 02 ,2019 с .

Картинки по запросу стерх танец

Бэриллэр билгэ

Көй сылгын
Күөх халлаан
Көхтөөх көтөрдөрө
Дойду дьолун
Кэскил кэрэһиттэрэ
Ыраас , ыра ычалаах
Ырай ыллам ырыалаах
Ымыы чыычаахтар
Дьол , соргу тосхоло
Төрүт төлкө түстээхтэр
Бэриллэр билгэ
Биһик бэлиэлээхтэр
Дьоллоон дойдуну
Иччилээн , илгэлээн
Иһирэх ийэ сири
Амарах аҕа айылҕаны.

Көрдөстүм Күннүм дьонугар ,
Ааттастым Айыым аймаҕар
Дьолу , соргуну, кэскили

Тирих Уйбаан !!! .
28, 02 , 2019 г.

Үлэ дьол диэн ыраланыман

Үлэ дьол диэн ыраланыман, ол иһин үлэтэ суох үксүү турар. Үлэ дьол диэн сыыһа өйдөбүл . Үлэ диэн олох үүнэр, сайдар айыллар анала! Ыраланыман, куһаҕаны биттэнимэн, ыҥырыман, ол иһин үлэтэ суох, дьоло суох дьон элбэх буолла .

Урут советскай саҥана үлэтэ суох киһи, суох этэ, ким да үлэни дьол оҥостубат этэ, үлэни олох аналын курдук ылыналлара. Урут тугу ыраналаҕыт онтугут олоххут аргыһа буолар диэн өйдөбүл баар этэ.Үлэ, орто дойдуга олох үүнэр — сайдар анала, үлэнэн олоҕу айаҕыт, тутаҕыт, орто дойдуга дьол диэн оҕо, оҕо олох ситимэ киһи аймах, тыынар тыыннаах, үүнэр үлэхтээх кэскилэ.

Мин истибит илгэбин тиэртим — Тирэх Уйбаан

ИЛ – ЭЙЭ СҮБЭТЭ

Кэлэр кэрдиис кэм
Кэскилин кэбиһэр
Үүнэр үтүмэхтээх үйэ
Өрөгөйүн үрдэтэр
Билгэ бэлиэ бэлэҕэ
Уруй-айхал тыына
Ил-эйэ сүбэтэ!

Буһар – хатар
Хоһуун хоодуот
Өрөгөй өй
Көҥүл күүс
Түмсэр түһүлгэтэ
Уруй-айхал тыына
Ил-эйэ сүбэтэ!

Илинтэн – Арҕааттан
Хотуттан – Соҕурууттан
Сүбэнэн сүрэхтэнэр
Бэргэн бэттэрэ
Дойду дьоһуннаахтара
Уруй-айхал тыына
Ил-эйэ сүбэтэ!

Эттэнэр – эллэнэр
Эргичийэр – урбачыйар
Саргылаах санаа
Кыайыы кыстыга
Сомоҕолоһор соргу
Уруй-айхал тыына
Ил-эйэ сүбэтэ!

Эрэл – итэҕэл иччитэ
Дьоһун дойдуну дьоллуур
Өспөт – сүппэт өйдөбүл
Үйэттэн – үйэҕэ үүнүөҕэ
Кэрэ кэскил кэбиһиитэ
Уруй-айхал тыына
Ил-эйэ сүбэтэ

Тирэх Уйбаан 16.02.2019 сыл

Кликните, чтобы просмотреть в полный размер