Ыалдьар дьону эмтиир уонна оҕото суохтары оҕолуур

Ыалдьар дьону эмтиир уонна оҕото суохтары оҕолуур дьикти дьоҕура
Иччилээх эмэгэттэрин көмөтүнэн 1998 сыллаахтан эмтиир-томтуур дьарыгын саҕалаабыта – оҕо кутун иҥэрэн, элбэх ыал оҕолонон дьоллоноругар күүс-көмө буолбута, олоххо муммут-тэммит үгүс киһини ыраастаан-арчылаан, уйулҕатын уһугуннаран, айылгытын арыйан, сырдык-ыраас суолга киллэрэн биэрбитэ. Эмэгэттэрэ, харысхаллара анал хайысхалаахтар, араҥаччылыыр, эмтиир күүстээхтэр. Санааҕа-онооҕо баттаппыттар, кыһалҕаҕа ылларбыттар, ыалдьыбыттар киниэхэ кэлэн ыраастатан, үлүгэрдэрин үтэйтэрэн, аартыктарын арыйтаран, ымыы ылан бараллара.
«Эттэнэрбэр икки-үс сылы быһа этим-сииним саас-сааһынан бааһыран, хаанынан устан эрэй бөҕөнү көрбүтүм. Онно-манна бары эмтэнэ, көрдөрө сатаан баран, Владимир Кондаковка киирэн эмтэммитим. Онон киниэхэ махталым муҥура суох. Наар таба туппат этим. Үһүс дуу, хаһыс дуу сырыыбар таба туппутум. Киирэн истэхпинэ, тута киммин-туохпун билбитэ. Соһуйан эрэ хаалбытым. «Эттэниини бара сылдьар эбиккин» диэбитэ. Сонно аһардан кэбиспитэ. Онтон ыла көрүүлэнэн барбытым (Туйаара Сиккиэр Тирэх Уйбаантан тирэхтэнэн // Кыым. – 2008. – Кулун тутар 27 к).
«Эмтиир диэн тылы олох туттубаппын. Ыарыы, диэн өйдөбүл орто дойдуга суох, орто дойдуга сыыһа-алҕас уонна аньыы-хара диэн өйдөбүллэр бааллар. Сыыһа-алҕас диэн өйбүтүгэр-санаабытыгар сыыстарыыбыт онтон аньыы-хара диэн айылҕаны утарыы. Олоҕун сыыһа тэринэн олорор киһи киртийэр уонна онтон тэптэрэн ыалдьар». (Раиса Сибирякова Эмэгэттээх эмчит Тирэх Уйбаан // Саха сирэ. – 2016. — От ыйын 16 күнэ).
Бастакы кэргэниттэн оҕото, саамай улахан уола ыал буолан баран, өp кэмҥэ төрүтү төлкөлүүр кэнчээрилэрэ кэлбэккэ олорбуттар. Биирдэ Уйбаан уолугар: «Тоойуом, баҕар кэргэниҥ итэҕэйбэтэ буолуо да буоллар, бу оҕону иҥэрэр Иэйэхсити харысхал биэрэбин, ону утуйар ороҥҥут үрдүгэр ыйаан кэбис. Көмөлөһүөҕэ», — диэбит. Аҕатын тылын ылынан, уол тапталларын уйатыгар оронун үрдүгэр эмэгэти ыйаан кэбиһэр. Хас да ый буолан баран кийиит оҕо саадыгар үлэҕэ киирээри анализтарын туттара барар. Дьэ, ол онно кинилэр дьиэ кэргэннэригэр улахан үөрүү тосхойбута биллибитэ. Эдэр ыал аҕаларын дьикти oҥоһyгa илэ-чахчы күүстээҕэр кытаанахтык итэҕэйбиттэрэ. Ол итэҕэллэрин күн бүгүнүгэр диэри ыһыктыбакка илдьэ сылдьаллар. (Анисия Слепцова Алыптаах күүстэригэр, дириҥ иэйиилэригэр куустаран // Ил Түмэн. — 2005 сыл. — Сэтинньи 30 күнэ).
Айылҕа күүһэ итэҕэлгэ, сомоҕолоһууга, түмсүүгэ, илгэ-эйэҕэ тутуллар. Ону түстүүргэ, сүрүннүүргэ айдарыллан кэлбит ураты уйулҕалаах, эйгэлээх сүдү дьонтон биирдэстэрэ Тирэх Уйбаан этэ.
Этиттэриинэн суруйбут алгыстаах хоһооннорун түмэн, 2006 с. «Алгыс – саха анала, омук тутула» диэн кинигэни Хаҥалас улууһун типографиятыгар, 2016 с. «Айыы сырдык тыына» диэн кинигэни Дьокуускайга, «Офсет» кинигэ кыһатыгар таһаартарбыта.
Кини оҥоһуктарын хаартыскалара, этиттэриилээх суруйуулара, киниэхэ эмтэммит дьон махтал суруктара аныгы кэм сиэринэн куйаар ситимнэргэ таҥыллан тахсыбыттарын маннык сыылкаларынан билсиэххитин сөп: сайт https://tirekh-uyban.ru/ уонна Телеграм ханаалга https://t.me/tirehuibaan 
2020 сыл сааһыгар Уйбаан Уйбаанабыс өр кэмнэргэ «ымыы» оҥостуммут баҕа санаатын олоххо киллэрэн, кыһан-отойон, суруйан-бичийэн, айан-тутан оҥорбут үлэлэрин, этиттэриилээх илдьиттээх хоһуйуу суруктарын быыстапкатын көрдөрөр уонна иччилээх эмэгэттэрин көмөтүнэн эмтиир-томтуур Айыы дьиэтин тутуутун саҕалаабыта. Хамсык ыарыы мэһэйдээн, бу түмэл дьиэтэ Уйбаан Уйбаанабыс тыыннааҕар олоххо кыайан киирбэккэ хаалбыта.
Биир санаалаахтара Айыы дьиэтин ситэрэн-хоторон түмэл быһыытынан бэйэтин эйгэтинэн этиттэрэн, айылҕатынан салайтаран, инникитин өссө үгүс киһиэхэ күүс-көмө буолуо диэн бигэ эрэллээхтэр.
 
Александр Герасимов, Дьокуускай
06.12.2023

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *