Саха кыыhа

Сэгэйэн устан хаамар,

Субуллар уһун суһуохтаах,

Сайдар санаа аргыстаах

Саха кэрэ кыыһа, омугун анала.

 

Аһыллар арчылаах айылгыгын

Анаа бэйэҥ омугуҥ уолугар,

Кэнчээрилэриҥ кэскиллэрин кэҥэтэ

Кэҥиир, омугуҥ үйэтин уһата.

 

Атаҕастыы санаама аналгын,

Атыҥҥа аралдьыйан аймаама.

Кэрэхсии көр сахаҥ уоланын,

Көрсүһээр олоҕуҥ аргыһын.

 

Уоланыҥ дьолунан туолан,

Уйгулаах олох туоната тупсуо.

Саха кэхтибэт кэскилигэр

Саргы-дьаалы салаллыа.

 

Оччоҕо айыыларыҥ аргыстаһан,

Оҥоһуулаах айылҕаҥ арчытынан

Ытык иэскин толорон,

Ыттыаҥ ырайга ырыанан.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *