Саҥа күнүнэн!

Саҥа күн салаллыбытынан.

Кэрэ кэм кэлбитинэн,

Үтүө күн үүммүтүнэн. 

Сайаҕас санаалаах сахам сирин дьоно, 

Үтүө өйдөөх хоту дойду дьоно. 

Орто дойду олохтоохторо, 

Ийэ сир иитиллэр иччилэрэ. 

Сарсыҥҥы күммүт саргылаах, 

Кэлэр күммүт кэскиллээх — буолуохтун. 

Кэлэр кэмнэргит иллээх — эйэлээх эйгэлэнэн. 

Айар — тутар олоххут үлүскэннээх үлэнэн өрөгөйдөөтүн , 

Дьол — соргу туоната, ыччаттарбытыгар, оҕолорбутугар, 

Кэскил киинэ буолуохтун — саргы дьаалы салаллыахтын — 

Уруй тускул уурулуннун Айхал мичил ананнын, 

Айыы аймаҕар, Күн дьонугар, Орто бараан дойдубутугар, 

Оломноох олохпутугар — Тирэх Уйбаан бааттаах,

Байанайдаах барҕаны баҕардым бар дьоммор — сэргэбэр !!!.

Стихи

WhatsApp Image 2018-07-02 at 14.34.49

Саҥааҕытын суруйун, өй үллэстэ, санаа атастаһа, билии бэрсэ сатыыбын ,толоро үлэхтэһин эрэ , истэн,ааҕан үөрүөҕү бар дьонум сэргэм, оломноох олох тонатын  уруйданын, айхалланын.