Дьыл кэмнэрэ

Салалыннын сааспыт сардаҥата

Саргылаах саҥа дьыл аргыстанан,

Туллук чыычаах туоһуланан,

Түһэр таммах утахтанан.

 

Саҕаланнын сайыммыт саргыта,

Сарыала итиинэн угуттаан,

Далбар күөҕүн тэнитэн,

Дэлэттин үрүҥ илгэни үксэтэ.

 

Күлэр көмүс күһүммүт,

Күндүлээтин быстыбат быйаҥынан,

Уйгулаах олоҕуҥ ньууругар,

Уруу-ыал, бар-дьон аналыгар.

 

Кыыдааннаах кырыа кыһыммыт

Кыһарыйбатын тымныытынан.

Дьаһаныыбыт-тэриллиибит,

Дьолу-эрэли тосхойуо биһиэхэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *