Иэйиэхсит

Сааскы саҥа дьыл

Саргылаах, сардаҥалаах,

Салаллар сайын саҕахтаах,

Устар күн дьаралыктаах,

Тэнийэн ыраастыыр ыыс,

Кии буруо арчылаах,

Салама ситии тардыллан

Сылдьар ыллык тутуллаах,

Амарах санаа аргыстаах

Аһыныгас Иэйиэхсит эдьиийбит

Арчылаан ааспыт алаастарын,

Үүт үрүмэччи сиэтиилээх

Сылдьыбыт сыһыыларын,

Ситэр сибэкки симэхтээх

Хонон турбут хонууларын,

Күөҕэ үксэлэһэн үүнэр

Суунан ааспыт ууларгар

Айыыҥ кустуга дьиримнии оонньуур.

Имэрийэр, илгийэр

Сылаас салгынын,

Кууһан-илбийэн эмтиир

Ибирэр-ибирдиир

Намчы ардаҕыҥ,

Абылаан арчылыыр

Үтүө дьайыылаах

Иэйэхсит эдьиийбит,

Аны да
Салаллан арчылаан

Ааһаар дуу.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *