Хоргуттаҕына — холумтаҥҥа чоҕу чохчолообот,
Итиитинэн илгийбэт, сылааһынан сыдьаайбат.
Хомойдоҕуна — боруогу бобон,
Хонууга хоннорор, сыһыыга сытыарар.
Кэлэйдэҕинэ — ситими силэйэн,
Кэхтиигэ киллэрэр, самныыга салайар.
Өһөөтөҕүнэ — силиһи быһан,
Төрүөҕү төнүннэрэр, эһэр эҥэрдэнэр.
Ахсарбатаҕына — төлөнү сөҕүрүтэн
Далы далбыйар, ыыры ыһар.
Өһүргэннэҕинэ — үүнэри үтэйэн,
Силиги симэлитэн, сэккэ сиэтэр.
Атаҕастыырга — кыылы кыйдаан,
Аартыгы алдьатан, аакка атаарар.
Сэҥээрбэтэҕинэ — үктэли кылгатан,
Кэрэгэй кэрчиктиир, быһаҕас быалыыр.
Астыннаҕына — аартыгы арыйан,
Ыллыгы ыпсарар, ымыыны ыллатар.
Сөбүлээтэҕинэ — сүрэҕин туттаран,
Сиэри ситэрэр, дьолу тосхойор.
Үөрдэҕинэ — өйү үүннэрэн,
Үктэли үксэтэр, кэскили кэҥэтэр.
Хайҕаатаҕына — төлөнү төлөһүтэр
Үйэни уһатар, тэлгэһэни тэнитэр.
Сүгүрүйэргэ — ийэ кыылы иҥэрэн,
Сиэтэр сирдьит буолар, олоҕу оҥорор.
Көрдөһөргө — үүнэри үөтэн,
Төлкөнү төлөһүтэр, төрүөҕү түстүүр.
Биһирээтэҕинэ — бити бэлэхтээн,
Сайдыыга салайар, кукка куустарар.
Манньыйдаҕына – маанылаан,
Бааты байытар, баайы баайар,
Тускулу туттарар.