Инники олохпор, Айыы

****

Инники олохпор, Айыы тыынынан иитиллэр иччилэрбэр, ыраастанар ыырбар, ытык сүбэлээхтэрбэр. Махтал. Билинии соргутун суруйдум!

 

Орто дойдуга

Айыы тыыннанан

Айыллыбыт аналбар

Ууруллубут утуммар

киһилии кииннэнэн

Дьоннуу дьоллонон

Олорор олохпор

Охтубат оҥоһуубар

Махтанабын манньыйа

Айбыт араҥаччылаабыт

Амарах аҕабар!

 

Махтана саныыбын

Өйдөөн хаалбатах

Биһигин билбэтэх 

Күн сиригэр

Ийэм эрэйдээххэ.

Толору тосхол

Билгэ бэлэҕин

Бэрийэн биэбэйдээн

Күнү көрдөрбүт

Сүппэт-өспөт

Үтүоҕүн өйдүүбүн!

Тулаайах хаалан

Муҥу эҥэрдэһэн

Тулуур-дьулуур

Буһар-хатар

Кыстыгар эллэнэн

Эрэл — итэҕэл

Киин кэбиһиибэр

Тыйыс да буоллар

Очурдаах олохпор

Дьылҕабар махтанабын!

 

Дьоҕуру-идэни

Айар-тутар

Алыбы анаабыт

Аар айыыларга!

Илбийэр — имэрийэр

Эмэгэттээх эйгэбэр!

Ылгыыр — ыраастыыр

Арчылаах айылҕабар!

Сүгүрүйэбин сүдүлэргэ!

Барҕа махтал

Буолуохтун үйэлэргэ!!!

 

Тирэх Уйбаан 27.11.2017

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *