Ыраас санаа ыллыктаах,
Үтүө санаа үктэллээх.
Ыал кута хоннохтоох,
Алаһа дьиэ илгэлээх,
Ырыаҕа ылланар,
Хоһооҥҥо хоһуйуллар
Саха дьахтара барахсан.
Сир ийэ иэнигэр
Ыҥырар ыра буолан,
Айыллар айыылартан
Арыллар араскы айдарыыланан,
Төрүүр төрүөх түстэнэн,
Саха омугун кэскилин кэҥэтэр
Сир симэҕэ, кыыс оҕо буолан.
Кэлэр оҕо уйата иитиилэнэн,
Аан Алахчынтан алгыстанан,
Эргийэр кииннээх орто дойду
Олоҕун оҥоһуутугар айыллан,
Сибэкки буола ситэ тупсан,
Чэчир кэрэтэ, хатыҥ буолан,
Симэнэр омугуҥ сиэринэн-туомунан.
Үүнэр силиһэ ситэн,
Айыллыбыт айылгыта аһыллан
Аҥаарыгар – аналыгар
Үрүҥ Уолаҥҥа дьоло тосхойон,
Үөрүү-көтүү үктэллэнэн,
Саргы-дьаалы салаллан,
Ситэринэр сиэринэн симэнэр.
Аналын алгыһынан арчыланан,
Кэлэр кэскиллэрин кэрэһэлиир,
Үүнэр үөл үнүгэстэрин үүннэрэн,
Хотун мааны дьахтар буолан,
Толору олох туонатын толорон,
Уруу-аймах сайдар ситимин
Элбэтэн, тэнитэр үөрүүлэнэр.
Алгыстыыр ыллык ыырданан,
Арчылыыр-амаҕаччылыыр аартыктанан,
Ситэн-хотон сириэдийэн,
Саргылаах санаа аргыстаах,
Өркөн өй үктэллээх,
Далбар хотун, эйиэхэ,
Уйгулаах уруй, анаарыылаах
Айхал буолуохтун.