Кыыс анала

Саха саргытын сайыннара,

Кэлэр кэскили кэҥэтэ,

Күн сиригэр кэллэ кэрэ

Кып-кыра, нап-нарын киһичээн —

Омук ымыыта, кыыс оҕо буолан,

Үүнэр сайдар үктэллэнэн.

 

Айылҕаҥ алгыһынан арчыланан,

Ситэҕин сиэдэрэй сибэкки буолан.

Күн сырдыгынан үүнэ сайдан,

Чэчир кэриэтэ чэчирии тупсаҥҥын,

Умсугутар эбиккин олоҕуҥ аналын

Иитэр ийэ дьоло тосхойон.

 

Дьолунан туолар уйаҕар

Иитэр эбиккин кэрэлэргин,

Кэлэр кэскили кэҥэтэ

Улаатыннарар эбиккин уолаттаргын,

Саха омугу үксэтэ

Толуу – мааны дьахтар буолан.

 

Ситэн-хотон түспэтийэн

Саха аймах салаллар саргыта,

Уруйдаах олох тутуллар туоната

Түс ыал амарах ийэтэ — эн буолаҕын.

Далбар хотун талыыта,

Кэс тыл кэрэһитэ,

Эйэҕэс эбээ эриэккэһэ

Буола үүнэҕин.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *