Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев – Тирэх Уйбаан көрсүһүү оҥорор ахсынньы ый 7 күнүгэр “Сэргэлээх уоттара” КК

Биир киһиэхэ элбэх да бэриллибит. Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, норуот маастара Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев – Тирэх Уйбаан чочуйбут уус-уран оҥоһуктара ураты тыыннаахтар, иччилээхтэр. Киһи өйүгэр-санаатыгар саҥаттан саҥа санааны саҕар дириҥ ис хоһоонноохтор, куту-сүрү бөҕөргөтөр дьайыылаахтар. Эмэгэттэрэ, харысхаллара анал хайысхалаахтар, араҥаччылыыр, эмтиир  күүстээхтэр.

Уйбаан Уйбаанабыс ыалдьар дьону эмтиир  уонна оҕото суохтары оҕолуур дьикти дьоҕурдаах. Санааҕа-онооҕо баттаппыттар, кыһалҕаҕа ылларбыттар, ыалдьыбыттар киниэхэ кэлэн ыраастатан, үлүгэрдэрин үтэйтэрэн, аартыктарын арыйтаран, ымыы ылан  бараллар.  

“Орто дойдуга дьол диэн – оҕо” диир Тирэх Уйбаан итиэннэ киһи бу Орто дойдуга аналын, дьахтар уонна эр киһи, оҕону иитии, дьиэ кэргэн хайдах буолуохтаахтарын, иитиллэр иэс, таптал, эрэй уонна кыһалҕа, итэҕэл өйдөбүллэрин ааҕааччыга тиийимтиэ тылынан быһааран биэрэр. Итинэн кини уус уонна эмчит буоларын таһынан саха төрүт өйүн-санаатын илдьэ сылдьар Сэһэн быһыытынан арыллар.  

Уран уус, эмэгэттээх эмчит Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев – Тирэх Уйбаан айылҕаны анаарыытын, эйгэни ырытыытын сахабыт дьоно-сэргэтэ ахсынньы ый 7 күнүгэр киэһэ 18 чаастан ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” культурнай киинигэр кэлэҥҥит истиҥ, тускугутугар туһаныҥ.

Билиэттэри тэрийээччилэртэн уонна ХИФУ УЛК “Университет” киоскатыттан атыылаһарга тиэтэйиҥ.

Пушкин аатынан национальнай библиотекаҕа корсүhүү

Балаҕан ыйын 18 Пушкин аатынан национальнай библиотекаҕа уран уус, эмэгэттээх эмчит УЙБААН УЙБААНАБЫС МОНАСТЫРЕВ — ТИРЭХ УЙБААН айылҕаны анаарыыта, эйгэни ырытыыта буолла. Көрсүһүүгэ ӨЙ уонна САНАА, УҺУЙУЛЛУУ уонна ИИТИЛЛИИ, ЭРЭЙ уонна КЫҺАЛҔА, ТЫЛ СҮРЭ уонна ДЬАЙЫЫТА, ТАПТАЛ уонна ИТЭҔЭЛ өйдөбүллэрэ арыллыннылар.

Тирэх Уйбаан диир:

Бу били этэр , сиик силик ситим диэн өйдөбүл туоһута, ити аата инники олохпутугар барыта этэҥҥэ буолуо, айылҕаҕа бэлиэтээтэ. Этэрим кырдьыгын туоһута. Бу маны сахалыы санаалаах ылыныан, өйдүөн баҕарабын.​

Үтүө мааны күн буоллун, кытаат доруобайдык чэгиэнник сылдьан өссө ай тут, байыта тур Сахаҥ норуотун, эйиигин Улуу Кытай Даотыгар ханыылыы көрдүм, уонна алыптаах иччилээх тылыҥ хас биирдии саха сүрэҕин ымыыта буолуон баҕардым. Оннук буолара буоллар🙋👏💐👏💐👏💐🙌👍🍀☘🍀☘🍀👍👍👍
Отзыв участника встречи
👍👍👍дьэ наконец то барыта орун оннугар туран суолгут арыллан кэнээн эрдэгэ! Сырдык куускут бар дьоннутугар сыдьаайа турдун! Куруук комускуу арчылыы араначчыоыы сырыттын! Дьон норуот махтала уксээтин!🙏🏻🙏🏻🙏🏻дом!дом!доомм!
Отзыв участника встречи

Сэргэ

Соторутааҕыта Иван Иванович куо сэргэни онорон биьигитини уордубутэ. Мас заготовка харахтаныахтаах сиригэр айылҕа бэйэтэ ойуулаабыт. Чахчы дьикти тугэн. Туналҕаннаах ньуурдаах кыыс буолан таҕыста.

Тирэх Уйбаан диир: «Үс сэргэ оҥорор санаалаахпын, тойон сэргэ, куо сэргэтэ, уолан сэргэтэ, баҕа баһаам, сиэр, туом тутуһуллар , олох салҕанар, айыллар орто дойдуга, Айыы сиригэр, дьол — соргу туонатыгар, киһи — аймах киэлитигэр, Үтүмэхтээх үйэ үктэкигэр.»

Саҥа күнүнэн!

Саҥа күн салаллыбытынан.

Кэрэ кэм кэлбитинэн,

Үтүө күн үүммүтүнэн. 

Сайаҕас санаалаах сахам сирин дьоно, 

Үтүө өйдөөх хоту дойду дьоно. 

Орто дойду олохтоохторо, 

Ийэ сир иитиллэр иччилэрэ. 

Сарсыҥҥы күммүт саргылаах, 

Кэлэр күммүт кэскиллээх — буолуохтун. 

Кэлэр кэмнэргит иллээх — эйэлээх эйгэлэнэн. 

Айар — тутар олоххут үлүскэннээх үлэнэн өрөгөйдөөтүн , 

Дьол — соргу туоната, ыччаттарбытыгар, оҕолорбутугар, 

Кэскил киинэ буолуохтун — саргы дьаалы салаллыахтын — 

Уруй тускул уурулуннун Айхал мичил ананнын, 

Айыы аймаҕар, Күн дьонугар, Орто бараан дойдубутугар, 

Оломноох олохпутугар — Тирэх Уйбаан бааттаах,

Байанайдаах барҕаны баҕардым бар дьоммор — сэргэбэр !!!.