Аламай күн Айхала

Аламай күн Айхала
Айыы аймаҕын араначчылаатын !!!
Күлүм күн күөнэ,
Күн дьонун көмүскээтин !!!
Саха аймах Айхалланнын !!! 
Урааҥхай уруута Уруйданнын !!!
Сомоҕолоһор соргу суолланнын !!!
Түмсэр түһүлгэ түстэннин !!!
Дьоһун дьойдубут дьоллоннун !!!
Амарах айылҕабыт кэскиллэннин !!!
Ил — Эйэ эйгэтэ олохсуйдун !!!
Уруй , Айхал буолуохтун !!!

Тирэх Уйбаан баҕардым быйамы бар дьоммор 

Саха Сирэ хаһыат: Эмэгэттээх эмчит Тирэх Уйбаан

Эмэгэттээх эмчит   Тирэх Уйбаан

 

Хаҥалас улууһугар Покровскайга олорор Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, норуот маастара Уйбаан Монастыреву — Тирэх Уйбааны билбэт эбэтэр кини туһунан истибэтэх киһи саха саҥалаахха ахсааннаах буолуохтаах.

Ыраахтан саҕалаатахха

— Уйбаан Уйбаанабыс, үгүс киһини эмтээбит ытык киһи, билигин сабардаан турар коронавирус ыарыытын туһунан туох дии саныыгыный?

— Ыарыы, дьаҥ-дьаһах киһи аймах баарын тухары баар. Былыр уоспа диэн уодаһыннаах ыарыы тура сылдьыбыта биллэр. «Оттубут уоттара халлааҥҥа дьүкээбил уота буолан көстөр» — диэн ааттыыр хотугу омуктарбыт, юкагирдар, онно улаханнык алларыйбыттара.

Биһиги биирдии алааһынан тарҕанан олорбут өбүгэлэрбит ол ыарыыны атыыһыттар таһаҕастарыгар олорсон кэлэр, кыһыл баттахтаах нуучча дьахтарын курдук саныыллара. Дьаҥтан саһан, айаны-сырыыны, барыыны-кэлиини тохтотон, балаҕаннарыгар бүгэллэрэ, сүөһүлэрин хотоҥҥо уулаталлара, ыттарын кытары дьиэҕэ киллэрэллэрэ. Оттон ыалдьыбыт киһилээх ыаллар суол аартыгар ахсааннарынан бэлиэ мас анньан бараннар, ол мастарын ким өлбүтүнэн тоһутан иһэллэрэ. Ыал аҕата быһыннаҕына — суон маһы, оҕо өллөҕүнэ — кыра маһы. Итинэн «манна ыарыы баар!» — диэн атын дьону сэрэтэллэр-харыстыыллар. Аны дьаҥҥа эстибит ыал балаҕанын уоттаан кэбиһэллэр.

— Ол аата?

— Харантыын уонна бэйэни изоляцияланыы, ыарыыны бохсуу дьаһалларын кытаанахтык тутуһар эбиттэр!

Куттаммакка, харыстанан, харыстаһан

— Олох хаамыытынан ыарыы дьүһүн кубулунан иһэр, өссө киһи бэйэтэ айбыт араас дьаҥа баар буолар иһэр… Ити билигин коронавирус дьаҥа турда. Дьэ манна уолуйбакка, харыстанар уонна хардарыта харыстаһар, эмчиттэр этэр хааччахтыыр дьаһалларын толору тутуһар, мааска кэтэр, илиини сууна сылдьар ирдэнэр.

Айыллыбыт айылгы диэн баар. Киһи ыарыыттан, дьаҥтан-дьаһахтан, атын да онтон-мантан куттанар буоллаҕына, кута куотар, ол аата айылгыта алдьанар. Эрэлэ, итэҕэлэ сүтэр. Оччоҕуна сүрэ, ис күүһэ өһүллэр, аныгы өйдөбүлүнэн, иммунитета мөлтүүр, тастан киирэр араас дьайыыттан кыайан көмүскэммэт буолар. Оттон куттаммат, киэҥник-холкутук, эрэллээхтик сылдьар киһи хаана-сиинэ үчүгэйдик сүүрэр-эргийэр, ньиэрбэтэ этэҥҥэ үлэлиир, онон туруга чэгиэн-чэбдик. Ол иһин, этэр этиим диэн маннык: төрүт куттанымаҥ, бэйэҕитигэр эрэллээх буолуҥ. Киһи итэҕэлэ — кини санаата. Кытаанах санааланыҥ. Ити биирэ.

Иккиһинэн, аскытын-үөлгүтүн көрүнүҥ! Саха киһитигэр бэйэ төрүт аһа-үөлэ сэниэни биэрэр: үүт, суорат, быырпах, сүөгэй, эт, собо, балык.

— Сорох ыаллар, ордук элбэх кыбартыыралаах уопсай дьиэлэргэ олорор ыаллар куйааһа-итиитэ бэрт диэн төрүт күөстэммэт буола сатыыллар.

— Ол дьэ сыыһа. Саха киһитэ хайаан да итии аһылыгы аһыахтаах, сылаас чэйи, күҥҥэ биирдэ хайаан да итии миини иһиэхтээх, эт сиэхтээх.

Үсүһүнэн, сибиэһэй салгыҥҥа элбэхтик сылдьыҥ, хаамыҥ-сиимиҥ, төһө кыалларынан илии үлэтинэн дьарыктаныҥ. Ханнык баҕарар киһи халбарыйбат хаантан турар. Эти-сиини тэнитэ үлэлээн биитэр спордунан дьарыктанан хамсамматахха, хаан эргийбэт. Аны кыыһырдахха, хаан хойдор, ол тымыр бүөлэниитигэр тиэрдэр. Хамсаммат-имсэммэт буолууттан, саастарын үгэнигэр сылдьар дьон араас дьаҥҥа, дьарҕаҕа ыллараллар.

Эми иһэрдибэппин

— Оннук дьону эн хайдах эмтиигиний?

— «Эмтиир» диэн тылы мин төрүт туттубаппын. Сахалыы өйдөбүлгэ «киртийии» уонна «сыыһырыы» диэн баар. Үүнүү-сайдыы олоҕу чэпчэтэргэ ананар. Ону сыыһа өйдүүр, олоҕун сыыһа тэринэн олорор киһи киртийэр уонна онтон тэптэрэн ыалдьар. Холобур, тыа сиригэр элбэх нэһилиэккэ гаас киирдэ дии. Ити аата тыаттан мас кэрдэн киллэрэн, хайытан, оһох оттон, онон түбүгүрэн олорбут эр дьон дьыбааны киэргэттиннэр диэн буолбатах. Олох-дьаһах усулуобуйата төһөнөн тупсар да, кинилэр эмиэ соччонон сайдан иһиэхтээхтэр. Дьэ ити иһин мин систэрэ ыалдьан, атахтарынан моһуогуран биитэр хааннарын баттааһына үрдүк, сүрэхтэрэ-быардара мөлтөх буолан кэлэр дьоҥҥо биир да эми иһэрдибэппин, өй-санаа тутулунан көмөлөһөбүн.

— Уйбаан Уйбаанабыс, оҕото суох ыаллар, оҕоломмот дьахталлар эйиэхэ кэлэн, оҕо кутун тартарар эбиттэр.

— Мин киһиэхэ оҕо кутун ыллым да кутан кэбиспэппин. Бастаан айылгытын арыйабын. Айылгы арыллыыта диэн утуйан хаалбыт ньиэрбэ уһуктуута буолар. Миэхэ кэлиэн баҕарар киһи бастаан төлөпүөнүнэн эрийэн билсэр, оччоҕуна көрсөр күммүн болдьоһон, иитиллиини барабын. Бу киһи туох кыһалҕалааҕын (ыарыыттан дуу, атынтан дуу) кэтэх санаа кэһиитэ оҥостон бэлэмнэнэбин итиэннэ киниэхэ баайыы оҥорон көрсөбүн. Тугу этэрбин өйүгэр үлэхтиирин, саҥарарбын санаатыгар салайарын, тускуллуурбун туругар тутарын туһугар. Ол аата бу киһи үс иитиллэр иччитигэр илгэлэнэн кэлэр. Оччотугар эрэ кини мин айылҕабын кытары алтыһар, эйгэбин кытары эҥэрдэһэр, оттон мин кини айылгытын арыйабын, уйулҕатын, атыннык эттэххэ, ис кыаҕын уһугуннарабын. Айылгыта арылыннаҕына, уйулҕата уһугуннаҕына киһи көрөр күөнэ, истэр иҥэһэтэ аһыллар.

Дьол диэн— оҕо

Сылдьыбыттар бары оҕоломмуттара. Биири бэлиэтии көрөбүн: кыайан оҕоломмот дьон элбээн иһэр курдук… Иллэрээ сыл Мииринэйтэн биир ыал ийэтэ төлөпүөннүү сылдьыбыта: «Санкт-Петербурга ЭКО-ҕа тиийэн баран ытаатым, Саха сириттэн эмтэнэ кэлээччи наһаа элбэх да эбит», — диир.

Оттон соторутааҥҥа диэри саха ыала аччаабыта алта-сэттэ оҕолоох буолара эбээт! Билигин биир-икки оҕонон муҥурданаллар. Аҕыйах ахсааннаах омукка бу охсуута улахан…

Оҕо — ыал дьоло, омук кэскилэ. Омук дьылҕатын, омук кутун дьахтар тутар. Кыргыттар итини кыра саастарыттан билэ улаатыахтаахтар. «Кыыс оҕо омук анала» диэн өс хоһооно «кыыс бэйэтин омугун анала» диэн, атын омукка сүктэн, ханна эрэ атын сиргэ барыахтааҕын туһунан этиллибэт.

— Эйигин өссө Эмэгэттээх Эмчит диэн ааттыыр эбиттэр дии.

— Орто дойду олоҕо баара-суоҕа уон икки эмэгэккэ, билгэ бэлиэтигэр, тутуллан турар. Ол иһин мин «Таптал», «Ыам ымыыта», «Оҕо кута»… о. д.а. эмэгэттэри оҥороммун араҥаччылаатыннар уонна көмүскэл-харысхал буоллун диэн дьоҥҥо биэрэбин.

Айыы дьиэтэ тутуллар

Уйбаан Уйбаанабыс кыһалҕаланан кэлбит дьон көрдөһүүтүн быһа гыммакка барыларын дьиэтигэр көрсөр, хас биирдии киһини эмтииригэр уонна ыраастыырыгар бэйэтин нөҥүө аһардар итиэннэ таас дьиэҕэ кыайан ыраастаммат буолан, дьаҥы-дьаһаҕы бэйэтигэр иҥэринэригэр тиийэр.

Инньэ гынан, көмүлүөктээҕим буоллар тута ыраастаныам этэ диэн дьарыктанар итиэннэ уус-уран оҥоһуктарын туруорар түмэл дьиэни туттан эрэр. Бу күннэргэ биир санаалаахтарын көмөтүнэн икки саалалаах түмэл дьиэ көҥдөйүн тутан бүтэрдэ, сарайын туруорда. Түмэл дьиэ силигин ситэриигэ кырата суох үп-харчы эрэйиллэр. Ол иһин, араас сылларга киниэхэ эмтэммит, ыраастаппыт, оҕо кутун иҥэртэрбит дьонтон тэриллибит өйүүр бөлөх өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун көмөлөһөргө ыҥырар.

Көмөнү маннык реквизиттарынан ыытыахха сөп:

Сбербанк картата 4279 3610 0842 1994.

Мобильнай баан нүөмэрэ 89142714571

Терешкина Наталья Иннокентьевна.

ОБРАЩЕНИЕ благодарных родителей

Для каждого человека вопрос продолжения рода является очень важным. И потому, рождение ребёнка в семье приносит огромную радость для всех родственников. Сколько поэтов восхищенно, с любовью и нежностью воспевают любовь к маленькому человечку, в чьих жилах течёт родная кровь. Сколько нежности пробуждает в душе мамы и папы каждый жест, улыбка малыша, рождение которого родители с трепетом и благовением ждут 9 месяцев?

А что, если его ожидали не 9 месяцев, а несколько лет, а некоторые иногда теряют и надежды его дождаться…

Вот как раз в такие мгновения людям хочется чуда, волшебства, чтобы аист с младенцем прилетел в их семейное гнездо.

Природа непредсказуема, она иногда сотворяет людей, которым подвластны действия, суть которых не понятна законам медицины. Речь идёт о человеке, ставшем легендой не только в своей Якутии, но и далеко за её пределами. Это Монастырев Иван Иванович, который живёт в городе Покровске Хангаласского района. Родом из Чурапчинского района, мастер на все руки, Иван Монастырев когда-то был работником фабрики «Сардана». Его мастерство по работе с деревом никого не оставляет равнодушным. Словно слепленные из пластилина, его работы полны жизни и вдохновения. Каждая деталь его изделий из дерева кажется живой, таящей в себе загадку бытия, несет добрую энергию того, кто вдохновил в них своё видение мира.

Но ни в какое сравнение не идёт тот факт, что благодаря возможностям Ивана Ивановича помогать людям становиться родителями, конечно же, нет. Этому феномену просто нет объяснения. Но тот факт, когда больше 300 семей обрели детей именно после благословения Ивана Ивановича — Тирэх Уйбаан, не оспорить.

Откуда только не приезжали к нему с надеждой? Не говоря уже о всех районах республики, из разных городов и регионов необъятной России, а то и из-за рубежа. И принимает их Иван Иванович дома, в своей квартире. Благо, супруга Ивана Ивановича Прасковья Павловна, женщина очень спокойная и мудрая, стала настоящей соратницей и помощницей своему волшебнику-мужу. Несмотря на определенные неудобства при приеме гостей из-за тесноты, но не в силах отказать в помощи, они продолжают делать своё доброе дело. 

Но мир не без добрых людей: на сегодняшний день построен сруб дома-музея, который будет местом для сотворения чуда — местом приема рвущихся на приём к Тирэх Уйбаану. И это великая радость и победа для тех, кто вызвался помочь человеку с большим даром. 

Но для того, чтобы дом-музей стал функционировать по всем канонам, нужно ещё многое доделать. На это нужны денежные средства, которые одной семье и горстке помощников собрать не под силу. Поэтому, учитывая значение строящегося объекта, просим всех неравнодушных добрых людей оказать посильную помощь в этом благом деле. Помощь принимается в любом виде: финансовые средства, строительный материал, участие в субботниках и так далее. 

Давайте поможем в строительстве дома-музея Тирэх Уйбаана, человека, осчастливившего семей, ждущих детей. Надеемся на ваше понимание и поддержку, заранее благодарим за щедрость души и вложение во вклад будущее родной Якутии. Да не оскудеет рука дающего и да воздастся вам и вашим потомкам за доброту!

Денежные средства можно перевести по следующим реквизитам: 

карта Сбербанк 4279 3610 0842 1994, номер мобильного банка 89142714571 Терешкина Наталия Иннокентьевна.

 

Благодарные родители

Түмүл тутуута саҕаланна – Строительство музея началась!

Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ!   

Айылҕа күүһэ итэҕэлгэ, сомоҕолоһууга, түмсүүгэ, илгэ-эйэҕэ тутуллар. Оттон ону түстүүргэ, сүрүннүүргэ Айылҕаттан анал айдарыылаах, ураты уйулҕалаах, эйгэлээх сүдү дьон айыллан кэлэллэр. Бар дьон олоҕун туһугар туруулаһа сылдьар айдарыылаах, айылҕалаах дьоммутугар күүс-көмө, өйөбүл буолар ытык иэспитин, аналбытын, айыы тыыммытын билиниэхтээхпит, өйдүөхтээхпит.

Оннук айдарыылаах дьонтон биирдэстэрэ Покровскай куорат олохтооҕо, уран уус, норуот маастара, хомоҕой тыллаах хоһоонньут, эмэгэттээх эмчит Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев – Тирэх Уйбаан буолар.

Бу күннэргэ Уйбаан Уйбаанабыс өр кэмнэргэ өй-санаа биһигэ оҥостуммут баҕа санаата олоххо киирэр кэскиллэннэ. Дириҥ, мындыр өйдөбүллээх, кэрэ көстүүлээх айбыт үлэлэрин, этитэр алгыстаах хоһооннорун түмэр, иччилээх эмэгэттэрин көмөтүнэн эмтиир-томтуур түмэлин дьиэтин тутуута саҕаланна, олоҕун оҥкула охсулунна. 

Тирэх Уйбаан эйгэтинэн этиттэрэн, айылҕатынан салайтаран, кини көмөтүнэн туһаммыт дьон эйгэни кытта эҥэрдэһэр, айылҕаны кытта алтыһар түгэни мүччү тутумаҥ! 

Орто дойду дьоло, киһи-аймах кэскилэ, үүнэр үйэтэ – оҕо! Тирэх Уйбаан көмөтүнэн оҕоломмут, дьолломмут ыал толору өйдөөҥ, ситэри сыаналааҥ. Инники өттүгэр элбэх эдэр ыал оҕолонон дьоллоноругар күүс-көмө буоларыгар айылҕа киһитигэр көмөлөһөр ытык иэскитин умнумаҥ. 

Киһи баайа – кини чиргэл, чэгиэн туруга. Туйгун туруктаах киһиэхэ айылҕа аартыгын аана аһаҕас, олоҕо толору тосхоллоох. Тирэх Уйбаан олоххо муммут-тэммит дьон барахсаттарга өйдөрүн-санааларын ыраастаан, арчылаан, уйулҕаларын уһугуннаран, айылгыларын арыйан, олох сырдык-ыраас суолугар үктэннэрэн, толору олоҕу тосхойбут өҥөтө үгүс. Ону сыаналааҥ. 

Түмэли туспа тиэргэннээн, силигин барытын ситэрэн оҥорорго кырата суох үп-харчы наада буолара эрэйиллэр.                            

Харчыны бу реквизиттарынан ыытыаххытын сөп:

Сбербанк картата 4279 3610 0842 1994.                          Мобильнай баан нүөмэрэ 89142714571                                Терешкина Наталия Иннокентьевна.                                       

                                                                        Көҕүлүүр бөлөх