Истибит илгэм, бар дьонум туһугар

Истибит илгэм, бар дьонум туһугар туппут тускулум, олоххутугар сиэтиллэр ситим , толорунар дьол буолуохтун .

Миэхэ араас дьоһун дойду дьоно, сылдьыбыттара, барыларыгар, этэбин, или эйэни тутуһун .

Киһи — аймах анала биир, бука бары биир сир ийэҕэ олоробут, ийэ сиргэ бары олоҕу айар — тутар аналлаахпыт, маҥан — хара, улахан — кыра омук диэн арахсыман, бука бары биир үрүҥ күн, күөх халлаан анныгар олоробут, барыбытыгар Айыы таҥара, өйү — санааны, эрэнэн — итэҕэйэн олоҕу айын — тутун диэн итэҕэйбитэ , эрэммитэ диэн өйдөтөбүн, бары ылыналлар, сөпсөһөллөр .

Тирэх Уйбаан.

Тирэх Уйбаан түөлбэтиттэн

Тирэх Уйбаан түөлбэтиттэн
Толкуйум тобуллан
Таабырын таайыллан
Түүлүм- битим тупсан
Туругум да тупсан
Тапталым табыллан
Талба талаан түөлбэтиттэн
Тирэхтэнэн, тыын ылан
Табыллыы, тупсуу кынаттанан
ТИРЭХ УЙБААҤҤА тиэрдэбин
Таҥара курдук сырдык киһиэхэ:
Туймаада Эбэ туонатыттан
Татыйаана — Харыстаанаттан
Туохха да тэҥнэммэт
Тиэрдэбин Барҕа баһыыбаны,
Таарыйа мааны махталы.
Тосхойдун эйиэхэ дьол-саргы
Талааныҥ төрүү туруохтун
Туппутуҥ бары табыллыахтын
Төлкөлөөҕү түстээҥҥин
Тупсуо, сайдыа Сахам сирэ.
Татыйаана-Харыстаана
Туймаада туоната.
17.09.2020 с.

Күн дьоно күндүлэнин !

Күн дьоно күндүлэнин !
Айыы аймаҕа айхалланын !
Урааҥхай удьуора уруйданын !
Күн сирин сирэмигэр ,
Орто дойду олоҕор ,
Ил — Эйэ туругурдун !!!
Сомоҕолоһор соргуланын !
Түмсэр түһүлгэлэнин !
Дьол — соргу тосхоллонун !
Үүнэр үгүс Үйэлэргэ !!! .

Баҕардым байымы ,
Бараммат барҕаны !!! .
Тирэх Уйбаан .

Саҥа күн саргыланнын !

Саҥа күн саргыланнын ! 
Үүммүт күн үүнүүлэннин ! 
Кэлбит кэм кэскиллэннин ! .
Барыта — бары табыллан      
Ситэри — хотору буолуохтун ! 
Дьоллоох дьоһун олохтонун !
Бар дьонум — сэргэм !!! .

Тирэх Уйбаан.