🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿
Күн күөнэҕэ, суор соргута-Уол.
Эйгэ элэ, олох оҥкула,
Мэҥэ мэктиэ, сүппэт сүр-Эр киһи.
Олох оломо, үйэ үүнэ-Аҕа.
Муударай мутук, үтэйэр үөс,
Кэс тыл, кэҥиир киэли-Эһээ.
Куйаар кута, сир симэҕэ-Кыыс.
Таҥара тайаҕа, дойду дьоло,
Дьылҕа тыын быстыбат быата-Дьахтар.
Кэрэмэн кэм кэскил кэрэһитэ,
Сүр сүрэҕэ, сүбэ сүмэтэ-Эбээ.
(Тирэх Уйбаан)
Мин кырдьаҕас сүбэһитим, айылҕалаах үтүө мааны киһи И.И.Монастырёв-Тирэх Уйбаан бэлэхтээбит кинигэтин ааҕа олорон бу суруйан хаалларбыт кэрчик тылларыгар хараҕым өрүү хатанар. Бу хоһоонунан суруллубут алгыстаах кэрчик. Бу орто туруу бараан дойдуга, туох барыта аналлаах, бэйэтин аналынан ананан кэлэн, ол аналын тускутун тутуһан олох олоруохтаах диирэ Уйбаан. Күн бүгүн ким туох аналлааҕын билбэт эбэтэр ол аналы умнубут, тумнубут дьоҥҥо бу кэрчиги ааҕаргытыгар сүбэлиэм этэ. Өйдөөн ааҕыҥ уонна уйулҕаҕытыгар иҥэриниҥ. Мин санаам ыараатаҕына эбэтэр мунаахсыйдахпына аҕа доҕорум бэлэх ууммут сэдэх кинигэтин арыйталаан ааҕабын уонна сүбэ-ама ылбыттыы, кинилиин кэпсэппиттии чэпчиибин. Дьэ, бу кэрчиги кыратык сэгэтэн ырытан көрүөх….
Бу кэрчиккэ уол оҕо кимий? Кини бастаан уол оҕо ол иһин кини күн күөнэҕэ, оонньуур, мэник, онтон эр киһи буолар ол иһин сүппэт сүр, онтон аҕа буолар аналланан ыал аҕата аатын ылан олох оломо, үйэ үүнэ, бу манна олом уонна үүн диэн тыл суолталарыгар болҕомтото ууруҥ, онтон ол уолбут олоҕун кэрчик-кэрдиис кэмин ааһыталаан Эһээ диэн ааты ылар, кэс тыллаах, кэҥиир киэлилээх киһи буолар. Дьэ, уол диэн суолтата ити эбит.
Аны, кыыс диэн кимий? Кыыс диэн сир симэҕэ диэн билэбит, өссө кини куйаар кута ол аата маны эмиэ анааран көрүҥ, онтон бу кыыспыт Таҥара, Дойду, Дьылҕа диэн суолталар быстыбат тыыннара дьахтар аатын ылар. Салҕыы кини Ийэ буолар, ол аата сир сирэйэ, силик ситимэ. Онтон, орто дойду олоҕун ууһатан, сүбэ сүмэтэ-Эбээ буолар.
Дьэ ити. Бу кып-кыра кэрчиккэ, Тирэх Уйбаан дириҥ, киэҥ хорутуулаах философскай анаарыытын сэгэтэ арыйан биэрбит. Кини алгыс, анаарыы, сүбэ кэрчиктэрэ чахчыта тыыннаахтар, айылҕа кистэлэҥиттэн аргыый сэгэтэн эппит күүстээх тыллардаахтар. Аахпыт анаарыа, истибит сэҥээриэ…
Кини төһө да бу олохтон туораатар, син биир дьонун-сэргэтин көрө, хараанныы сылдьарын итэҕэйэбин, мин тус олохпор, бу олохтон барыан эрэ иннинэ, миэхэ күүстээх өҥөнү оҥорон барбытыгар махталым муҥура суох. Ол махталбын, кини суруйууларын бар дьоҥҥо билиһиннэрэн тарҕатыы буолуоҕа.
🌿🌿🌿🌿🌿🌿🌿
Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына🌹24.05.2021