Ыалдьар дьону эмтиир уонна оҕото суохтары оҕолуур

Ыалдьар дьону эмтиир уонна оҕото суохтары оҕолуур дьикти дьоҕура
Иччилээх эмэгэттэрин көмөтүнэн 1998 сыллаахтан эмтиир-томтуур дьарыгын саҕалаабыта – оҕо кутун иҥэрэн, элбэх ыал оҕолонон дьоллоноругар күүс-көмө буолбута, олоххо муммут-тэммит үгүс киһини ыраастаан-арчылаан, уйулҕатын уһугуннаран, айылгытын арыйан, сырдык-ыраас суолга киллэрэн биэрбитэ. Эмэгэттэрэ, харысхаллара анал хайысхалаахтар, араҥаччылыыр, эмтиир күүстээхтэр. Санааҕа-онооҕо баттаппыттар, кыһалҕаҕа ылларбыттар, ыалдьыбыттар киниэхэ кэлэн ыраастатан, үлүгэрдэрин үтэйтэрэн, аартыктарын арыйтаран, ымыы ылан бараллара.
«Эттэнэрбэр икки-үс сылы быһа этим-сииним саас-сааһынан бааһыран, хаанынан устан эрэй бөҕөнү көрбүтүм. Онно-манна бары эмтэнэ, көрдөрө сатаан баран, Владимир Кондаковка киирэн эмтэммитим. Онон киниэхэ махталым муҥура суох. Наар таба туппат этим. Үһүс дуу, хаһыс дуу сырыыбар таба туппутум. Киирэн истэхпинэ, тута киммин-туохпун билбитэ. Соһуйан эрэ хаалбытым. «Эттэниини бара сылдьар эбиккин» диэбитэ. Сонно аһардан кэбиспитэ. Онтон ыла көрүүлэнэн барбытым (Туйаара Сиккиэр Тирэх Уйбаантан тирэхтэнэн // Кыым. – 2008. – Кулун тутар 27 к).
«Эмтиир диэн тылы олох туттубаппын. Ыарыы, диэн өйдөбүл орто дойдуга суох, орто дойдуга сыыһа-алҕас уонна аньыы-хара диэн өйдөбүллэр бааллар. Сыыһа-алҕас диэн өйбүтүгэр-санаабытыгар сыыстарыыбыт онтон аньыы-хара диэн айылҕаны утарыы. Олоҕун сыыһа тэринэн олорор киһи киртийэр уонна онтон тэптэрэн ыалдьар». (Раиса Сибирякова Эмэгэттээх эмчит Тирэх Уйбаан // Саха сирэ. – 2016. — От ыйын 16 күнэ).
Бастакы кэргэниттэн оҕото, саамай улахан уола ыал буолан баран, өp кэмҥэ төрүтү төлкөлүүр кэнчээрилэрэ кэлбэккэ олорбуттар. Биирдэ Уйбаан уолугар: «Тоойуом, баҕар кэргэниҥ итэҕэйбэтэ буолуо да буоллар, бу оҕону иҥэрэр Иэйэхсити харысхал биэрэбин, ону утуйар ороҥҥут үрдүгэр ыйаан кэбис. Көмөлөһүөҕэ», — диэбит. Аҕатын тылын ылынан, уол тапталларын уйатыгар оронун үрдүгэр эмэгэти ыйаан кэбиһэр. Хас да ый буолан баран кийиит оҕо саадыгар үлэҕэ киирээри анализтарын туттара барар. Дьэ, ол онно кинилэр дьиэ кэргэннэригэр улахан үөрүү тосхойбута биллибитэ. Эдэр ыал аҕаларын дьикти oҥоһyгa илэ-чахчы күүстээҕэр кытаанахтык итэҕэйбиттэрэ. Ол итэҕэллэрин күн бүгүнүгэр диэри ыһыктыбакка илдьэ сылдьаллар. (Анисия Слепцова Алыптаах күүстэригэр, дириҥ иэйиилэригэр куустаран // Ил Түмэн. — 2005 сыл. — Сэтинньи 30 күнэ).
Айылҕа күүһэ итэҕэлгэ, сомоҕолоһууга, түмсүүгэ, илгэ-эйэҕэ тутуллар. Ону түстүүргэ, сүрүннүүргэ айдарыллан кэлбит ураты уйулҕалаах, эйгэлээх сүдү дьонтон биирдэстэрэ Тирэх Уйбаан этэ.
Этиттэриинэн суруйбут алгыстаах хоһооннорун түмэн, 2006 с. «Алгыс – саха анала, омук тутула» диэн кинигэни Хаҥалас улууһун типографиятыгар, 2016 с. «Айыы сырдык тыына» диэн кинигэни Дьокуускайга, «Офсет» кинигэ кыһатыгар таһаартарбыта.
Кини оҥоһуктарын хаартыскалара, этиттэриилээх суруйуулара, киниэхэ эмтэммит дьон махтал суруктара аныгы кэм сиэринэн куйаар ситимнэргэ таҥыллан тахсыбыттарын маннык сыылкаларынан билсиэххитин сөп: сайт https://tirekh-uyban.ru/ уонна Телеграм ханаалга https://t.me/tirehuibaan 
2020 сыл сааһыгар Уйбаан Уйбаанабыс өр кэмнэргэ «ымыы» оҥостуммут баҕа санаатын олоххо киллэрэн, кыһан-отойон, суруйан-бичийэн, айан-тутан оҥорбут үлэлэрин, этиттэриилээх илдьиттээх хоһуйуу суруктарын быыстапкатын көрдөрөр уонна иччилээх эмэгэттэрин көмөтүнэн эмтиир-томтуур Айыы дьиэтин тутуутун саҕалаабыта. Хамсык ыарыы мэһэйдээн, бу түмэл дьиэтэ Уйбаан Уйбаанабыс тыыннааҕар олоххо кыайан киирбэккэ хаалбыта.
Биир санаалаахтара Айыы дьиэтин ситэрэн-хоторон түмэл быһыытынан бэйэтин эйгэтинэн этиттэрэн, айылҕатынан салайтаран, инникитин өссө үгүс киһиэхэ күүс-көмө буолуо диэн бигэ эрэллээхтэр.
 
Александр Герасимов, Дьокуускай
06.12.2023

Айыы сырдык тыына

Дьэ, манна дьиҥнээх идэтийбит художниктар үлэлэрин кытары ыкса билсэр, көрөр-истэр. Онтон ыла мас оҥоһуктарынан үлүһүйэн туран дьарыктанар. Онон кыра эрдэҕинээҕи уус буолар баҕа санаата туолар.
Уйбаан Уйбаанабыс эдэр сааһыгар тус олоҕор табыллыбатах кэмнэрдээҕэ. Элбэх күн сыралаһан оҥортообут үчүгэйкээн үлэлэрин хайыта сынньан бөххө быраҕыар, уокка симиэр диэри өйө-санаата алдьаммыта. Кини айар үлэтин өрө көтөҕүллүүлээх саҥа түһүмэҕэ Покровскай кыыһын Прасковья Наумованы көрсөн ыал буолуоҕуттан саҕаламмыта. Прасковья Павловналыын уоллаах кыыс оҕолонон атахтарыгар туруортаатылар. Олоҕун аргыһын көрсөн, дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу тэнитэн, айар-тутар айылҕата арыллан үлэлээбит Хаҥалаһын тыыннааҕын тухары өрө тутан кэллэ. Хаҥалас туһунан суруйбут хоһоонугар Иннокентий Васильев-Лэгэнтэй матыып суруйан киэҥ эйгэҕэ таһаарбыта дьон сэҥээриитин ыла сылдьар.
1992 сылтан Покровскайдааҕы оҕо ойуулуур-дьүһүннүүр оскуолатыгар үлэлээн оҕо талаанын толору арыйбыта. Үөрэппит-уһуйбут оҕолоро өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ элбэхтик миэстэлэспиттэрэ, Арассыыйа таһымнаах быыстапкаларга кыттыбыттара. Уйбаан Уйбаанабыс иитэр-үөрэтэр үлэтин таһынан маһынан уһанарын тохтоппотоҕо. Ону үтүмэн араас сертификаттар, махтал суруктар туоһулууллар. Учуутал үөрэтэр-такайар оҕолоругар үтүө холобур буолуохтаах, айар дьоҕуру сайыннарар киһи быһыытынан бэйэтин оҥоһуктара үрдүк таһымҥа эппиэттиэхтээхтэр диэн өйдөбүллээҕэ.
Түҥ былыргыттан саха омукка үс cүрүн идэ баар дииллэр: уус идэтэ, олоҥхоһут, ойуун. Уйбаан Уйбаанабыс ити үс идэҕэ үһүөннэригэр чугас киһи этэ.
Уус идэтэ
Уһанарыгар бэс маһынан туттарын сөбүлүүрэ, мас киһиэхэ араас дьайыылаах, сорох мас киһиэхэ күүһү-күдэҕи эбэр, оттон тэтиҥ мас киһиттэн бэйэтиттэн иҥэриниэн сөбүн этэр буолара. Кини айбыт үгүс элбэх үлэтэ саха фольклорун сюжеттарынан аттарыллан композиция буолбута. Маска ойууну киллэриигэ кини суола-ииһэ киэҥ, бэлиэ уонна ураты көстүү. Mac боруодатын көрөн силиһин-мутугун, өҥүн-дьүһүнүн барытын тутуһан баран кэнники хартыынаны ойуулаан таһаарар. Олор истэригэр бааллар: «Уһуктуу», «Оҕо кута», «Айыыһыт имэҥэ», «Ил алгыһа», «Арчы», о.д.а. Мантан көстөрүн курдук, киниэхэ этигэр-хааныгар норуот фольклора дириҥник иҥпит (Иннокентий Гоголев Уус Уйбаан //Өлүөнэ очуостара. — 1999 сыл. — Ахсынньы 23 күнэ).
Кини үлэлэригэр от-мас тыаһа-yyha, көтөр-сүүрэр күйгүөрэ, дьон-сэргэ саҥата-иҥэтэ иһиллэргэ, түптэ сыта биллэргэ, кутаа уота күлүмнүүргэ, уу долгуна чаҕылларга дылы. Бэл мас caaha сорох үлэлэри эбии тупсаран, ситэрэн биэрэр. Ону бэйэҥ илэ хараххынан көрдөххүнэ, эккинэн-хааҥҥынан биллэххинэ эрэ итэҕэйиэххин сөп. Букатын оҕотук сааһыттан иитиэхтээбит санаатынан мастан кыһан, талба гына ойуулаан, уустаан-ураннаан киһи ис туругун көрдөрүөн, дьоҥҥо тиэрдиэн сөп диэн ыра санаатын толору дакаастаабыта. Дириҥ, мындыр өйдөбүллээх уус-уран оҥоһуктарын быыстапкаларын араас кэмнэргэ өрөспүүбүлүкэ мусуойдарыгар, ХИФУ Култуурунай киинигэр туруорбута дьон улахан сэҥээриитин ылбыттара.
Этиттэриинэн кэлбитин быһааран биэрэр дьикти өрүтэ
«Орто дойдуга дьол диэн – оҕо» диир Тирэх Уйбаан итиэннэ киһи бу Орто дойдуга аналын, дьахтар уонна эр киһи, оҕону иитии, дьиэ кэргэн хайдах буолуохтаахтарын, иитиллэр иэс, таптал, эрэй уонна кыһалҕа, итэҕэл өйдөбүллэрин ааҕааччыга тиийимтиэ тылынан быһааран биэрэр.
Киһи киһи туһугар, дьон туһугар олоруохтаах. Дьону дьоллуур туһугар. Дьону дьоллоотоххуна, дойдуҥ дьоллонор. Киһини кэскиллээтэххинэ, Айылҕаҥ кэскиллэнэр. Сымнаҕас-сылаас сыһыаннаах буоллаххына, Орто дойдуну дьоллуугун, Ийэ сири киэргэтэҕин, кэрэ киһи буолаҕын.
Айылҕа ыраастаныытын кэнниттэн Киһи диэн өйдөбүл кэлиэҕэ. Омук диэн суох буолуо, Орто дойду дьиҥнээх олоҕо онно салаллыа. Билигин омук диэн бэрпитин былдьаһа сылдьабыт. Омук диэн дьиҥинэн «олох» диэн өйдөбүл, өй-санаа тутула. Итэҕэл диэн өй-санаа. Үтүө өйдөөх, сайаҕас санаалаах буолуохтаахпыт (Айыы сырдык тыына, 2016 с.).

Айылҕа күүһэ итэҕэлгэ, сомоҕолоһууга, түмсүүгэ, илгэ-эйэҕэ туттуллар

Бу сыл ахсынньы 6 күнүгэр Покровскай куорат олохтооҕо, Худуоһунньуктар Аан дойдутааҕы федерацияларын уонна Арассыыйа худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, уран уус, хомоҕой тыллаах хоһоонньут, эмэгэттээх эмчит Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев-Тирэх Уйбаан 74 сааһын туолар.
Уйбаан Уйбаанабыс 1949 сыллаахха ахсынньы 6 күнүгэр Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ кини балтараа саастааҕар ыалдьан өлбүт, аҕата Уйбаан Саабыс кыыстаах уолун ийэлэрин суохтаппакка соҕотоҕун көрөн-истэн атахтарыгар туруортаабыт. Уйбаан Уйбаанабыс эдьиийэ Мария Ивановна маннык ахтар: «Аҕабыт бэйэтэ айылҕалаах этэ. Туруккут ыһыллыбыт, бүгүн миигин кытта утуйаҕыт диэн хоонньугар сытыарара. Аны санаатахха, хоонньугар сытыаран айылҕатынан ыраастыыр эбит. Аны бырааппынаан кыра сылдьан хантан да кэлбиттэрэ биллибэт оҕолору кытта оонньуур этибит. Кэлин улаатан баран өйдөөбүппүт чөчүөккэлэри кытта оонньуурбутун. Аҕабыт кэлин бэйэтэ эппитэ үчүгэй оҕолору кытта оонньуургутун билэр этим диэн».
Уйбаан Уйбаанабыс оҕо сылдьан уус киһи буолуом, дьону өрүһүйэр киһи буолуом диэн билэр эбит, кыратыттан дьонтон ураты дьоҕурдааҕа биллэн барбыт. Ол курдук, оҕо сылдьан ыарахан дьахталларга: «Эн искэр кыыс оҕо баар, оҕоҥ кыыс буолуо», — диэн мары-малтаччы саҥаран кэбиһэн уоһун, кулгааҕын эрийэллэр эбит. Оччотооҕу кэм сиэринэн аҕата уолун аһынан, аны тугу көрөргүн дьоҥҥо мээнэ кэпсээбэт буол, дьон биллэҕинэ хараҥа хоско олордуохтара диирин истэн кыра Баанньа эрдэ арыллыахтаах, сайдыахтаах киһи, куттанан, сабыллан хаалбыт.
Ваня «Дорооболоһор куобах» диэн бастакы үлэтин мастан кыһан төрдүс кылааска үөрэнэ сылдьан оҥорбут. Алтыс кылааска доҕорунаан хомуот оҥорон хайҕаммыттар. Спорт оскуолатыгар үөрэниэн, тустуук буолуон баҕарар эбит. Уолун баҕа санаатын, кини ураты дьоҕурун билэ-көрө сылдьар аҕата утарбыт: «Баанньа, эн аналыҥ тустуу буолбатах. Эн айар куттаах уус киһи буолуохтааххын. Kиһини кыайан-хотон үчүгэй буолбаккын. Бэрт былдьаһар куһаҕан», — диэбиттээҕэ. Ону мөккүһэн туран, бараары гыммыт, ол сылдьан мас мастыыр ыстаныакка тарбаҕын быстаран кэбиспитэ. «Ол аата, айылҕам боптоҕо. Быстыбыт тарбахтаах киһи тустуук буолбат. Айылҕа бэйэтигэр сыстыахтаах дьонун ыыппат эбитин онно дьэ өйдөөбүтүм», — диир этэ. Баанньа бу оһолго түбэһэн баран санаатын түһэрбэтэҕэ. Аҕата да кытаанах санаалаах оҕонньор эбит. Бииргэ үлэлиир тэрилтэтин дьонун, салайааччыларын дьүүлгэ тарпатаҕа. Бу буолбут түгэни барытын уоллаах аҕа бэйэлэрин кытаанах санааларынан, дьоннорун, табаарыстарын үчүгэйдик саныыр буоланнар, олоххо тардыһар, дьоҥҥо-сэргэҕэ хос санаалара суоҕа ыраастык көстүбүтэ.
1968 с. Чурапчытааҕы спортивнай интэринээт-оскуоланы бүтэрэн, промкэмбинээккэ мас ууһунан үлэлээбитэ. Онтон Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа киирэн «мастан уус-уран кыһааччы» уонна «муосчут-худуоһунньук» диэн салаалары бүтэрбитэ. Кини биир айар үлэтин боччумнаах быыстапката училищеҕа үөрэнэр сылларыгар буолбута, «Дьыл оҕуһа» диэн үлэтинэн Саха сирин эдэр художниктарын быыстапкатыгар кыттан, көрөөччү киэҥ сэҥээриитин ылбыта. Онтон Дьокуускайдааҕы ювелирнай собуокка киирэн үлэлээбитэ, кини бэлэмнээбит эскизтэринэн, моделларынан элбэх ытарҕалар, симэхтэр, киэргэллэр оҥоһуллубуттара. Элбэххэ дьоҕурдаах, талааннаах эдэр уолу таба көрөннөр, «Сардаана» фабрикаҕа муостан сувенирдары оҥорор экспериментальнай лабораторияҕа үлэҕэ ылбыттара. Манна үлэлиир сылларыгар маастардар ортолоругар ыытыллыбыт «Сыл бастыҥ үлэлэрэ» күрэхтэһиигэ икки сыл кыттан кыайыылааҕынан тахсыбыта.
Суорун Омоллоон «Сардааналары» хомуруйарын өйдүүбүн, кини «Чороону станокка чочуйумаҥ. Аньыыны oҥocтумаҥ. Өбүгэлэргит үгэстэрин тутуһуҥ» диирэ. Аны санаатахха, сөпкө сүбэлиир эбит. Былыргы сахалар хас биирдии оҥоһуктара туспа аналлаах, сиэр-туом аргыстаах, алгыс иитиилээх буолара үhү, диэн кэпсиирэ Уйбаан Уйбаанабыс (Виктор Тапыев Айылҕаттан айдарыылаах // Өлүөнэ очуостара. – 1998 сыл. — Тохсунньу 13 күнэ).

Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев – Тирэх Уйбаан

Уран уус, эмэгэттээх эмчит, саха омук төрүт өйүн-санаатын илдьэ сылдьыбыт ураты уйулҕалаах, эйгэлээх сүдү дьоммутуттан биирдэстэрэ Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев – Тирэх Уйбаан сирдээҕи олохтон туораабыта бу дьыл сэтинньи 17 күнүгэр биир сылын туолла.
Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, норуот маастара Уйбаан Монастырев – Тирэх Уйбаан чочуйбут уус-уран оҥоһуктара ураты тыыннаахтар, дириҥ суолталаахтар. Айылҕа эттигиттэн анаан оҥоһуллубут бит бэлэхтээх, иитэр иччилээх эмэгэттэрин, харысхалларын көмөтүнэн санааҕа-онооҕо баттаппыт, кыһалҕаҕа ылларбыт дьону ыраастаан, эмтээн, куттарын-сүрдэрин бөҕөргөтөн, сырдык-ыраас суолга киллэртээбит үгүс өҥөлөөх. Аны, Оҕо кутун иҥэринэн, ийэ-аҕа буолар дьолун билбит махталлаах ыал суруктара үгүс.​
Уйбаан Уйбаанабыс уус уонна эмчит буоларын таһынан саха омук төрүт өйүн-санаатын илдьэ сылдьыбыт ураты уйулҕалаах, эйгэлээх сүдү дьоммутуттан биирдэстэрэ этэ. Киһи бу орто дойдуга кэлбит аналын, дьахтар уонна эр киһи, кыыс уонна уол, дьиэ кэргэн, оҕону иитии о.д.а. өйдөбүллэри кэҥэтэн-дириҥэтэн аныгы дьоҥҥо тиийимтиэ тылынан быһааран биэрбитин түмэн, «Алгыс – саха анала, омук тутула» уонна «Айыы сырдык тыына» диэн кинигэлэри таһаартарбыта.
​ ​
Өр сылларга өй-санаа биһигэ оҥостубут түмэлэ силигэ ситэригэр, кини айан-тутан хаалларбыт үлэлэрин уонна этиттэриилээх илдьиттээх хоһуйуу суруктарын дьон-сэргэ киэҥ көрүүтүгэр таһааран саханы сайыннарар, урааҥхайы ууһатар, сиэри ситэринэр Айыы балаҕана буоларыгар баҕарыаҕыҥ.