Бу сыл ахсынньы 6 күнүгэр Покровскай куорат олохтооҕо, Худуоһунньуктар Аан дойдутааҕы федерацияларын уонна Арассыыйа худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, уран уус, хомоҕой тыллаах хоһоонньут, эмэгэттээх эмчит Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев-Тирэх Уйбаан 74 сааһын туолар.
Уйбаан Уйбаанабыс 1949 сыллаахха ахсынньы 6 күнүгэр Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ кини балтараа саастааҕар ыалдьан өлбүт, аҕата Уйбаан Саабыс кыыстаах уолун ийэлэрин суохтаппакка соҕотоҕун көрөн-истэн атахтарыгар туруортаабыт. Уйбаан Уйбаанабыс эдьиийэ Мария Ивановна маннык ахтар: «Аҕабыт бэйэтэ айылҕалаах этэ. Туруккут ыһыллыбыт, бүгүн миигин кытта утуйаҕыт диэн хоонньугар сытыарара. Аны санаатахха, хоонньугар сытыаран айылҕатынан ыраастыыр эбит. Аны бырааппынаан кыра сылдьан хантан да кэлбиттэрэ биллибэт оҕолору кытта оонньуур этибит. Кэлин улаатан баран өйдөөбүппүт чөчүөккэлэри кытта оонньуурбутун. Аҕабыт кэлин бэйэтэ эппитэ үчүгэй оҕолору кытта оонньуургутун билэр этим диэн».
Уйбаан Уйбаанабыс оҕо сылдьан уус киһи буолуом, дьону өрүһүйэр киһи буолуом диэн билэр эбит, кыратыттан дьонтон ураты дьоҕурдааҕа биллэн барбыт. Ол курдук, оҕо сылдьан ыарахан дьахталларга: «Эн искэр кыыс оҕо баар, оҕоҥ кыыс буолуо», — диэн мары-малтаччы саҥаран кэбиһэн уоһун, кулгааҕын эрийэллэр эбит. Оччотооҕу кэм сиэринэн аҕата уолун аһынан, аны тугу көрөргүн дьоҥҥо мээнэ кэпсээбэт буол, дьон биллэҕинэ хараҥа хоско олордуохтара диирин истэн кыра Баанньа эрдэ арыллыахтаах, сайдыахтаах киһи, куттанан, сабыллан хаалбыт.
Ваня «Дорооболоһор куобах» диэн бастакы үлэтин мастан кыһан төрдүс кылааска үөрэнэ сылдьан оҥорбут. Алтыс кылааска доҕорунаан хомуот оҥорон хайҕаммыттар. Спорт оскуолатыгар үөрэниэн, тустуук буолуон баҕарар эбит. Уолун баҕа санаатын, кини ураты дьоҕурун билэ-көрө сылдьар аҕата утарбыт: «Баанньа, эн аналыҥ тустуу буолбатах. Эн айар куттаах уус киһи буолуохтааххын. Kиһини кыайан-хотон үчүгэй буолбаккын. Бэрт былдьаһар куһаҕан», — диэбиттээҕэ. Ону мөккүһэн туран, бараары гыммыт, ол сылдьан мас мастыыр ыстаныакка тарбаҕын быстаран кэбиспитэ. «Ол аата, айылҕам боптоҕо. Быстыбыт тарбахтаах киһи тустуук буолбат. Айылҕа бэйэтигэр сыстыахтаах дьонун ыыппат эбитин онно дьэ өйдөөбүтүм», — диир этэ. Баанньа бу оһолго түбэһэн баран санаатын түһэрбэтэҕэ. Аҕата да кытаанах санаалаах оҕонньор эбит. Бииргэ үлэлиир тэрилтэтин дьонун, салайааччыларын дьүүлгэ тарпатаҕа. Бу буолбут түгэни барытын уоллаах аҕа бэйэлэрин кытаанах санааларынан, дьоннорун, табаарыстарын үчүгэйдик саныыр буоланнар, олоххо тардыһар, дьоҥҥо-сэргэҕэ хос санаалара суоҕа ыраастык көстүбүтэ.
1968 с. Чурапчытааҕы спортивнай интэринээт-оскуоланы бүтэрэн, промкэмбинээккэ мас ууһунан үлэлээбитэ. Онтон Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа киирэн «мастан уус-уран кыһааччы» уонна «муосчут-худуоһунньук» диэн салаалары бүтэрбитэ. Кини биир айар үлэтин боччумнаах быыстапката училищеҕа үөрэнэр сылларыгар буолбута, «Дьыл оҕуһа» диэн үлэтинэн Саха сирин эдэр художниктарын быыстапкатыгар кыттан, көрөөччү киэҥ сэҥээриитин ылбыта. Онтон Дьокуускайдааҕы ювелирнай собуокка киирэн үлэлээбитэ, кини бэлэмнээбит эскизтэринэн, моделларынан элбэх ытарҕалар, симэхтэр, киэргэллэр оҥоһуллубуттара. Элбэххэ дьоҕурдаах, талааннаах эдэр уолу таба көрөннөр, «Сардаана» фабрикаҕа муостан сувенирдары оҥорор экспериментальнай лабораторияҕа үлэҕэ ылбыттара. Манна үлэлиир сылларыгар маастардар ортолоругар ыытыллыбыт «Сыл бастыҥ үлэлэрэ» күрэхтэһиигэ икки сыл кыттан кыайыылааҕынан тахсыбыта.
Суорун Омоллоон «Сардааналары» хомуруйарын өйдүүбүн, кини «Чороону станокка чочуйумаҥ. Аньыыны oҥocтумаҥ. Өбүгэлэргит үгэстэрин тутуһуҥ» диирэ. Аны санаатахха, сөпкө сүбэлиир эбит. Былыргы сахалар хас биирдии оҥоһуктара туспа аналлаах, сиэр-туом аргыстаах, алгыс иитиилээх буолара үhү, диэн кэпсиирэ Уйбаан Уйбаанабыс (Виктор Тапыев Айылҕаттан айдарыылаах // Өлүөнэ очуостара. – 1998 сыл. — Тохсунньу 13 күнэ).