Уран уус, эмэгэттээх эмчит, саха омук төрүт өйүн-санаатын илдьэ сылдьыбыт ураты уйулҕалаах, эйгэлээх сүдү дьоммутуттан биирдэстэрэ Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев – Тирэх Уйбаан сирдээҕи олохтон туораабыта бу дьыл сэтинньи 17 күнүгэр биир сылын туолла.
Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, норуот маастара Уйбаан Монастырев – Тирэх Уйбаан чочуйбут уус-уран оҥоһуктара ураты тыыннаахтар, дириҥ суолталаахтар. Айылҕа эттигиттэн анаан оҥоһуллубут бит бэлэхтээх, иитэр иччилээх эмэгэттэрин, харысхалларын көмөтүнэн санааҕа-онооҕо баттаппыт, кыһалҕаҕа ылларбыт дьону ыраастаан, эмтээн, куттарын-сүрдэрин бөҕөргөтөн, сырдык-ыраас суолга киллэртээбит үгүс өҥөлөөх. Аны, Оҕо кутун иҥэринэн, ийэ-аҕа буолар дьолун билбит махталлаах ыал суруктара үгүс.
Уйбаан Уйбаанабыс уус уонна эмчит буоларын таһынан саха омук төрүт өйүн-санаатын илдьэ сылдьыбыт ураты уйулҕалаах, эйгэлээх сүдү дьоммутуттан биирдэстэрэ этэ. Киһи бу орто дойдуга кэлбит аналын, дьахтар уонна эр киһи, кыыс уонна уол, дьиэ кэргэн, оҕону иитии о.д.а. өйдөбүллэри кэҥэтэн-дириҥэтэн аныгы дьоҥҥо тиийимтиэ тылынан быһааран биэрбитин түмэн, «Алгыс – саха анала, омук тутула» уонна «Айыы сырдык тыына» диэн кинигэлэри таһаартарбыта.

Өр сылларга өй-санаа биһигэ оҥостубут түмэлэ силигэ ситэригэр, кини айан-тутан хаалларбыт үлэлэрин уонна этиттэриилээх илдьиттээх хоһуйуу суруктарын дьон-сэргэ киэҥ көрүүтүгэр таһааран саханы сайыннарар, урааҥхайы ууһатар, сиэри ситэринэр Айыы балаҕана буоларыгар баҕарыаҕыҥ.