Бырастыы, Тирэх Уйбаан…
Бүгүн, ол эбэтэр бу дьыл сэтинньи 17 күнүгэр Покровскай куорат олохтооҕо, Худуоһунньуктар Аан дойдутааҕы федерацияларын уонна Арассыыйа худуоһунньуктарын айар сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, уран уус, хомоҕой тыллаах хоһоонньут, эмэгэттээх эмчит Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев – Тирэх Уйбаан күн сириттэн барда…
Айылҕа күүһэ итэҕэлгэ, сомоҕолоһууга, түмсүүгэ, илгэ-эйэҕэ тутуллар. Ону түстүүргэ, сүрүннүүргэ айдарыллан кэлбит ураты уйулҕалаах, эйгэлээх сүдү дьонтон биирдэстэрэ Тирэх Уйбаан этэ. Кини 1949 сыллаахха ахсынньы 6 күнүгэр Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1968 с. Чурапчытааҕы спортивнай интэринээт-оскуоланы бүтэрэн, промкэмбинээккэ мас ууһунан үлэлээбитэ. 1979 с. Дьокуускайдааҕы художественнай училищены бүтэрэн, маастар-худуоһунньук, муосчут идэтин ылбыта. Дьокуускайдааҕы ювелирнай собуокка, «Сардаана» фабрикаҕа үлэлээбитэ.
1992 сылтан Покровскайдааҕы оҕо художественнай оскуолатыгар үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Дириҥ, мындыр өйдөбүллээх уус-уран оҥоһуктарын быыстапкаларын өрөспүүбүлүкэ мусуойдарыгар, ХИФУ Култуурунай киинигэр туруорбута. Этиттэриинэн суруйбут алгыстаах хоһооннорун түмэн, 2006 с. «Алгыс – саха анала, омук тутула» диэн кинигэни Хаҥалас улууһун типографиятыгар, 2016 с. “Айыы сырдык тыына” диэн кинигэни Дьокуускайга, “Офсет” кинигэ кыһатыгар таһаартарбыта.
Иччилээх эмэгэттэрин көмөтүнэн 1998 сыллаахтан эмтиир-томтуур дьарыгын саҕалаабыта – оҕо кутун иҥэрэн, элбэх ыал оҕолонон дьоллоноругар күүс-көмө буолбута, олоххо муммут-тэммит үгүс киһини ыраастаан-арчылаан, уйулҕатын уһугуннаран, айылгытын арыйан, сырдык-ыраас суолга киллэрэн биэрбитэ.
Быйыл сайын Уйбаан Уйбаанабыс өр кэмнэргэ өй-санаа биһигэ оҥостуммут баҕа санаата олоххо киирэн, уус-уран оҥоһуктарын, алгыстаах хоһооннорун түмэр уонна иччилээх эмэгэттэрин көмөтүнэн эмтиир-томтуур түмэлин, Айыы дьиэтин, тутуутун саҕалаабыта. Бу Айыы дьиэтэ ситэн-хотон, бэйэтин эйгэтинэн этиттэрэн, айылҕатынан салайтаран, инникитин өссө үгүс киһиэхэ күүс-көмө буолуохтаах сүдү киһибитин Тирэх Уйбааны мүччү туттубут…
Араас сылларга киниэхэ эмтэммит, өй-санаа салҕаттарбыт, оҕолонор дьолун билбит саха дьонун ааттарыттан Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев – Тирэх Уйбаан дьиэ кэргэнигэр, аймахтарыгар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит, аһыыгытын тэҥҥэ үллэстэбит.
Көмөнү маннык реквизиттарынан ыытыахха сөп:
Сбербанк картата 2202 2002 5271 0536
Мобильнай баан нүөмэрэ 8 924 865 52 26
Монастырева Прасковья Павловна