Күн дьоно күндүлэнин ! 
Айыы аймаҕа айхалланын !
Урааҥхай удьуора уруйданын ! 
Күн сирин сирэмигэр , 
Орто дойду олоҕор , 
Ил — Эйэ туругурдун !!! 
Сомоҕолоһор соргуланын ! 
Түмсэр түһүлгэлэнин ! 
Дьол — соргу тосхоллонун ! 
Үүнэр үгүс Үйэлэргэ !!! .
Баҕардым байымы ,
Бараммат барҕаны !!! .
Тирэх Уйбаан .