Сахабыт сирин дьоно-сэргэтэ!
Айылҕа күүһэ итэҕэлгэ, сомоҕолоһууга, түмсүүгэ, илгэ-эйэҕэ тутуллар. Оттон ону түстүүргэ, сүрүннүүргэ Айылҕаттан анал айдарыылаах, ураты уйулҕалаах, эйгэлээх сүдү дьон айыллан кэлэллэр. Бар дьон олоҕун туһугар туруулаһа сылдьар айдарыылаах, айылҕалаах дьоммутугар күүс-көмө, өйөбүл буолар ытык иэспитин, аналбытын, айыы тыыммытын билиниэхтээхпит, өйдүөхтээхпит.
Оннук айдарыылаах дьонтон биирдэстэрэ Покровскай куорат олохтооҕо, уран уус, норуот маастара, хомоҕой тыллаах хоһоонньут, эмэгэттээх эмчит Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев – Тирэх Уйбаан буолар.
Бу күннэргэ Уйбаан Уйбаанабыс өр кэмнэргэ өй-санаа биһигэ оҥостуммут баҕа санаата олоххо киирэр кэскиллэннэ. Дириҥ, мындыр өйдөбүллээх, кэрэ көстүүлээх айбыт үлэлэрин, этитэр алгыстаах хоһооннорун түмэр, иччилээх эмэгэттэрин көмөтүнэн эмтиир-томтуур түмэлин дьиэтин тутуута саҕаланна, олоҕун оҥкула охсулунна.
Тирэх Уйбаан эйгэтинэн этиттэрэн, айылҕатынан салайтаран, кини көмөтүнэн туһаммыт дьон эйгэни кытта эҥэрдэһэр, айылҕаны кытта алтыһар түгэни мүччү тутумаҥ!
Орто дойду дьоло, киһи-аймах кэскилэ, үүнэр үйэтэ – оҕо! Тирэх Уйбаан көмөтүнэн оҕоломмут, дьолломмут ыал толору өйдөөҥ, ситэри сыаналааҥ. Инники өттүгэр элбэх эдэр ыал оҕолонон дьоллоноругар күүс-көмө буоларыгар айылҕа киһитигэр көмөлөһөр ытык иэскитин умнумаҥ.
Киһи баайа – кини чиргэл, чэгиэн туруга. Туйгун туруктаах киһиэхэ айылҕа аартыгын аана аһаҕас, олоҕо толору тосхоллоох. Тирэх Уйбаан олоххо муммут-тэммит дьон барахсаттарга өйдөрүн-санааларын ыраастаан, арчылаан, уйулҕаларын уһугуннаран, айылгыларын арыйан, олох сырдык-ыраас суолугар үктэннэрэн, толору олоҕу тосхойбут өҥөтө үгүс. Ону сыаналааҥ.
Түмэли туспа тиэргэннээн, силигин барытын ситэрэн оҥорорго кырата суох үп-харчы наада буолара эрэйиллэр.
Харчыны бу реквизиттарынан ыытыаххытын сөп:
Сбербанк картата 4279 3610 0842 1994. Мобильнай баан нүөмэрэ 89142714571 Терешкина Наталия Иннокентьевна.
Көҕүлүүр бөлөх