Уран уус, эмэгэттээх эмчит, Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, норуот маастара Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев – Тирэх Уйбаан айылҕаны анаарыытын, эйгэни ырытыытын ахсынньы ый 7 күнүгэр Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет актовай залыгар мустубут дьон кэлэн тустарыгар туһанан бардылар.
Көрсүһүү 3 түһүмэххэ арааран ыытылынна.
Бастакы түһүмэх –айыллан кэлбит аналыгар уус идэтигэр ананна.
Иккис түһүмэх — ыалдьар дьону эмтиир уонна оҕото суохтары оҕолуур дьикти дьоҕуругар ананна.
Үһүс түһүмэх — саха төрүт өйүн-санаатын этиттэрии нөҥүө кэлбитин киһиэхэ тиийимтиэ тылынан быһааран биэрэр дьикти өрүтүгэр ананна.
Уйбаан Уйбаанабыс кэлбит дьоҥҥо анаан бэрт тиийимтиэтик иһирэхтик кэпсээтэ, олоҕун сүрүн кэрчиктэрин билиһиннэрдэ. Көрсүһүү бүтэһигэр Уйбаан Уйбаанабыһы дьонугар-сэргэтигэр эмчит быһыытынан туһалаабыта 20 сылынан эҕэрдэлээтилэр. Хаҥалас улууһун Культура уонна духовнай сайдыы салалтатыттан, “Уран” түмсүүттэн, улуус депутаттарыттан, Покровскай куорат уонна Булгунньахтаах нэһилиэгин салалталарыттан эҕэрдэлэр, наҕараадалар тутарылыннылар. Ол курдук «За вклад в развитие народно-художественных промыслов в РС(Я)» уонна «За вклад в социально-экономическое развитие г.Покровск» бочуоттаах бэлиэлэр туттарылыннылар. Покровскай куоратыттан урбаанньыт Наталья Терешкина дьиэ кэргэнин аатыттан 300 тыһ.солк. сууммалаах дьиэ тутарга материал сертификатын туттарда. Оҕоломмут ыаллар тахсан барҕа махтал тылларын эттилэр, бэлэхтэрин туттардылар.
Убаастыыр ытык киһибитигэр Уйбаан Уйбаанабыска кытаанах доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу баҕарыаҕыҥ, сиэдэрэй оҥоһуктарын быыстапкалаабытыгар махтаныаҕыҥ, дириҥ ис хоһоонноох көрсүһүүтүгэр, тус бэйэтигэр, айар талааныгар сүгүрүйүөҕүҥ.