Биир киһиэхэ элбэх да бэриллибит. Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, норуот маастара Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев – Тирэх Уйбаан чочуйбут уус-уран оҥоһуктара ураты тыыннаахтар, иччилээхтэр. Киһи өйүгэр-санаатыгар саҥаттан саҥа санааны саҕар дириҥ ис хоһоонноохтор, куту-сүрү бөҕөргөтөр дьайыылаахтар. Эмэгэттэрэ, харысхаллара анал хайысхалаахтар, араҥаччылыыр, эмтиир күүстээхтэр.
Уйбаан Уйбаанабыс ыалдьар дьону эмтиир уонна оҕото суохтары оҕолуур дьикти дьоҕурдаах. Санааҕа-онооҕо баттаппыттар, кыһалҕаҕа ылларбыттар, ыалдьыбыттар киниэхэ кэлэн ыраастатан, үлүгэрдэрин үтэйтэрэн, аартыктарын арыйтаран, ымыы ылан бараллар.
“Орто дойдуга дьол диэн – оҕо” диир Тирэх Уйбаан итиэннэ киһи бу Орто дойдуга аналын, дьахтар уонна эр киһи, оҕону иитии, дьиэ кэргэн хайдах буолуохтаахтарын, иитиллэр иэс, таптал, эрэй уонна кыһалҕа, итэҕэл өйдөбүллэрин ааҕааччыга тиийимтиэ тылынан быһааран биэрэр. Итинэн кини уус уонна эмчит буоларын таһынан саха төрүт өйүн-санаатын илдьэ сылдьар Сэһэн быһыытынан арыллар.
Уран уус, эмэгэттээх эмчит Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев – Тирэх Уйбаан айылҕаны анаарыытын, эйгэни ырытыытын сахабыт дьоно-сэргэтэ ахсынньы ый 7 күнүгэр киэһэ 18 чаастан ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” культурнай киинигэр кэлэҥҥит истиҥ, тускугутугар туһаныҥ.
Билиэттэри тэрийээччилэртэн уонна ХИФУ УЛК “Университет” киоскатыттан атыылаһарга тиэтэйиҥ.