Философия

Киһи үксэ аһаах буолла. Саастарын үгэнигэр сылдьар дьон систэрэ ыалдьан эрэйдэнэллэр, атахтарынан моһуогураллар. Эбэтэр хааннарын баттааһына үрдүк, сүрэхтэрэ-быардара мөлтөх.

Ханнык баҕарар киһи халбарыйбат хаантан турар. Эти-сиини тэнитэ үлэлээн  хамсамматахха, хаан эргийбэт. Кыыһырдахха, хаан хойдор, ол тымыр бүөлэниитигэр тиэрдэр.

Орто дойдуга ыарыы диэн өйдөбүл суох, киртийии уонна сыыһырыы диэн баар. Үүнүү-сайдыы олоҕу чэпчэтэргэ, онон дьону сүрэҕэ суох оҥоророго анаммат, Айыы тыынын иҥэрэргэ ананар. Ону сыыһа өйдүүр, олоҕун сыыһа тэринэн олорор киһи киртийэр уонна онтон тэптэрэн ыалдьар. Ити иһин мин эмтиир диэн тылы төрүт туттубаппын.

Бастаан үлэлиирбэр билбэккэбин улахан күүстэри, айбыт Айыылары, Үрдүкү күүстэри, туттарым. Ону дьон уйбат этилэр, сууллан хаалаллара. Ол иһин кэбис, маннык табыллыбат эбит, Айылҕаттан уонна Айыыларбыт аартыктарыттан тэйиибит улахана бэрт эбит, онон сирдээҕи сигили сирдээһининэн, эбэтэр көрөр күөҥҥүтүнэн хараххытынан, истэр кулгааххытынан үлэлииһибин диэн түмүккэ кэлбитим.

Дьону ыраастыырбар кинилэр кирдэрин-хохторун бэйэм нөҥүө аһарар буоламмын, сылайабын-сындалыйабын. Сороҕор араас (холобур, сэллик) ыарыылаах дьон тугунан ыалдьалларын эппэккэ кэлэллэр, бэйэм көрөн биэрдэхпинэ биирдэ билинэллэр. Кэлэр киһи туга ыалдьарын эрдэттэн кырдьыгынан кэпсиэхтээх, оччотугар мин көмүскэнэн, тыл этинэн көрсөбүн. Итинэн миигин харыстыыр туһунан эмиэ толкуйдуохтаахтар, миигиттэн туһанары эрэ санаабакка. 

     Туох барыта төрүттээх, төбөлөөх. Мин киһи төлкөтүн төрдүн ыраастыыбын.Төлкө төрдө диэн билгэ бэлэҕэ, эбэтэр судургутук быһаардахха, киһи мэйиитэ. Орто дойдуга туох барыта мэйиилээх, мас кытары. Ол мэйииттэн үүнэр үлэх диэн өй тахсар, өйтөн сайдар саргы диэн санаа үөскүүр.

       Өй диэн киһи үөһээҥҥи олоҕо, санаа диэн киһи сирдээҕи олоҕо. Ол аата киһи үөһээттэн кэлэр Айыы тыынын ыҥырар уонна Орто дойдуга олоҕун оҥосторугар санаатынан толорунан биэрэр.

       Күүстээх өйдөөх киһи үрдүк үрдэлгэ тахсар. Өйүн төһөнөн үүннэрэр да, соччонон үрдээн иһэр, муудараска тиийэр. Кэлин онтуката чыпчаал буолар. Оттон санаа диэн толорунар дьол. Киһи өйүн күүс, санаатын кыах курдук оҥостуохтаах. Өйүнэн санаатынан кини олоҕун бэйэтэ айар, оҥостор, тэринэр, үйэтин үүннэрэр. Дьылҕатын ытыьыгар тутар. Ити ирдэниллэр иҥэһэни хас биирдии киһи билэхтээх.

       Туох барыта үлэнэн айыллар. Үлэһит буолуохха наада. Онуоха бэйэҕэ ирдэбил баар буолуохтаах. Үлэһит киһи үүнэр, үүммүт киһи сайдар.

       Үтүө өйдөөх, сайаҕас санаалаах дьон дьолу тосхойоллор, үйэни үүннэрэллэр, туругу тупсараллар, кэскили кэбиһэллэр. Үчүгэй олохтоох, өйдөрүн үүнүүтэ үрдүк, санааларын саргыта сайдыылаах дьон туруктара тупсар, үйэлэрэ уһуур.

Орто дойдуга дьол диэн – оҕо. «Оҕо – баай» диир сыыһа. Баай диэн мал. Малы харчыга атыылаһыахха сөп, оҕону харчыга ылбаккын. Оҕо айылҕа анала, ыал дьоло, омук кэскилэ. Оҕо суох буоллаҕына аат-суол, баай-дуол туох үөрүүнү аҕалыай? Киһи, ыал кэскилин оҕотунан кэбиһэр. Онон оҕону иитиигэ улахан болҕомто ууруллуохтаах.

Сыыһырыы диэн сымыйа, киртийии диэн киһиргээһин. Сымыйалыыр уонна киһиргиир дьон киртийэллэр, айгырыыллар. Албынныыр апка киирбит киһи сымыйаччы уонна киһиргэс буолар. Оҕону иитэргэ итини көрүллүөхтээх. Оҕо биирдэ сымыйалаабытын таба туппатахха, иккистээн сымыйалыа. Иккистээн сымыйалаабытын билбэтэххэ, буолуохтаах сиэр курдук ылыныа, мэлдьи сымыйалыыр идэлэниэ.

Оҕону албыннаан ииттэххэ, эрэлэ уонна итэҕэлэ суох буолар. Кырбаан, таһыйан ииттэххэ, кырыкка киирэр, хара күүһү билинэр. Оҕотун атаахтатан иитэр ыал инники эрэйин оҥостор. Атаах оҕо ирдиир эрэ: «Тоҕо төрөппүккүтүй?», «Иитиэхтээххит-аһатыахтааххыт, хааччыйыахтааххыт!»

Аҕа уһуйар, ийэ иитэр аналлаахтар. Билигин ыал үксэ оҕотун оскуолаҕа найылыыр идэлэннэ. Оскуола оҕону ииппэт, үөрэтэр, уһуйар уонна оҕо дьоҕурун арыйар аналлаах.

Бу икки эйгэ. Көрсө-харайса, харыстаһа, ситэрсэ сылдьыахтаахтар. Ол эрээри, кистэл буолбатах, эйэлээхтик олорор ыал аҕыйах. Наар мөккүһэн тахсаллар. Мөккүөр диэн сиикэй, ол эбэтэр ситэ илик диэн өйдөбүллээх.  Бастаан мөккүһэллэр, онтон этиһэллэр, салгыы охсуһаллар, тиһэҕэр арахсаллар. Оннукка тиийимэҥ, кыайан өйдөспөт буоллаххытына, көһөрөн кэбиһиҥ. Кэтэх санаа кэһиитэ оҥостуҥ. Туох барыта кэмнээх. Ситтэҕинэ бэйэтэ тиийэн кэлиэ. Оччоҕуна: «Дьэ кырдык, кэргэним инньэ диэбитэ ээ», — диэн өйдүөххүт.  

Айылҕа көрдөрөр, эйгэҕэ этитэр. Кэтэһиэххэ наада. Охсуһуу диэн алдьатыһыы. Киһи бу Орто дойдуга охсуһа кэлбэт, айа-тута, олох олоро, Айыы тыынын ситимин салгыы кэлэр эбээт. Киһи өллөҕүнэ «сырдык тыына быһынна» диибит. Ол аата киһи суох буоллаҕына, киниэхэ Айыы тыынын ситимэ быстар. 

Дьахтар сайаҕас санаалаах, аһыныгас айылгылаах, уйан уйулҕалаах, эр киһи күүстээх, өйдөөх, кытаанах санаалаах, кэһиллибэт кииннээх буолуохтаахтар. Олоҕу эр киһи айар-тутар, дьахтар кэскили оҥорор. Оттон оҕо — дьол, уруу-аймах ситимэ.

Тылбытын наһаа киртиттибит, хас биир тыл туох суолталааҕын, дьайыылааҕын умнан эрэбит. Тыл сүрдээх уонна дьайыылаах. Ону уйуохха наада.

Артыыстар тыл сүрүгэр сылдьалар. Ис айылгыларыттан киирэн оонньоотохторуна эрэ оруолларын арыйаллар. Ол иһин хас испиэктээх, оонньуу кэнниттэн ыраастаныахтаахтар. Тыйаатырдарга ыраастанар, арчыланар анал хостор баар буолуохтаахтар. Тоҕо диэтэххэ тутулга киирэн хаалыахтарын сөп. Куһаҕан оруолу оонньообут киһи ол эйгэтиттэн босхолоноро ыарахан.

Тугу барытын ийэ диэн тылга сыбыыр идэлэннибит. Тылбыт «ийэ тыл» этэ, өйбүт «ийэ өй» дэннэ, айылҕабыт «ийэ айылҕа» аатырда, аны муҥхабыт эмиэ «ийэ муҥха» буолла. Аҕа диэн тыл эмиэ баар эбээт. Урукку сахалар хаһан да «ийэ айылҕа» диэбэттэрэ, «аҕа айылҕа», өссө «айгыр (атыыр)-силик (кэрэ) айылҕа» дииллэрэ. Нууччалыы «мать-природа» дэнэрин сүһэн ыллыбыт. Үтүктүү.

  • Сахалар айылҕа оҕолоробут, – дэнэрбит бэйэмсэхпитин көрдөрөр.

Оччотугар атын омуктар ким оҕолоро буолалларый? Биһиги эрэ айылҕа оҕолоробут дуо? Туох барыта бэйэтин эйгэтинэн. Муораҕа олорооччулар муораҕа, хайаҕа олорооччулар хайаҕа сүгүрүйэллэр.

Бэйэтин көмүскэнэр ньымалардаах. Ыраастанар эттиктэрэ уу уонна уот. Аньыыны-хараны уот эрэ сиир, кири-хаҕы уу эрэ илдьэ барар. 1998 сылтан айылҕа ыраастаныыта бара турар. Сырдык, хараҥа киирсэллэр. Икки атах аньыытыгар-харатыгар үүнээйилэр толук буолаллар.  

Улахан уларыйыы, хамсааһын аҕыйах ахсааннаах омукка охсуута улахан. Быыһанар суолбут түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буолуу. Сомоҕолоһуу диэн соргулаах суол, суолбутун бэйэбит солонуохтаахпыт. Оччоҕуна түмсэр түһүлгэ диэн кэлиэхтээх, ол аата өйбүт үлэҕэ. Биир өйүнэн үүнүөхтээхпит. Соргулаах суол диэн сирдээҕи санаабыт. Духуобунас диэн Айыы сырдык тыына, үөһээҥҥи олохпут. Сирдээҕи олохпут – силик ситимэ, сиэр-майгы уонна култуура.

Тула өттүбүт сабыылаах буолуохтаах. Көмүскэлбит – айылҕабыт, үүнэр үлэхпит, сайдар саргыбыт өйбүт уонна санаабыт. Оттон аймаҕынан, ууһунан, улууһунан арахсар буоллахпытына, илгэ-эйэҕэ кэлбэтэхпитинэ, уһуохпут суоҕа. Или-эйэни, итэҕэли уонна тапталы өрө тутуохха.

Сырдык, ыраас ис сүрэхтэн буолуохтаах. Баайынан-дуолунан көрбөккө. Харчы диэн хабала.

Киһи төһөнөн  үүнэр-сайдар, кыаҕырар, байар-тайар да соччонон бар дьонугар чугас буолуохтаах. 

Хайа да омукка итэҕэл өйдөбүлэ биир. «Куһаҕаны оҥорума, ай уонна тут» диэн. Тугу айаргын бэйэҥ айылҕаҕынан көрөҕүн.

Итэҕэлиҥ эн өйүҥ-санааҥ, эрэлиҥ – өйүҥ, итэҕэлиҥ – санааҥ. Өйгөр эрэниэхтээххин, санааҕар итэҕэйиэхтээххин.

Христос итэҕэлигэр «Библия» диэн баар. Нуучча омуга православиены ылыммыта тыһыынчаттан тахса сыл буолла. Биһиги бэйэбит төрүт итэҕэлбитин умнан кэбиспиппит (умуннарбыттар), оттон православнай итэҕэлгэ кыайан сыстыбатахпыт. Харааччы мунан хаалан баран сылдьабыт, ыксаатахпытына эрэ төрүт итэҕэллээхпитин, айыылардаахпытын өйдүүбүт, ону да араастаан сыыһа-халты ааттыыбыт. 

Сахалыы өйгө-санааҕа сөп түбэһэр, иитиилээх, баайыылаах, сүрүннээх тыллардаах үөрэх баар буолуохтаах. Сорох идэлээхпин дэнэр дьон: «Кинигэҕэ киирбэтэх, сурукка суруллубатах, ол аата сымыйа!» – дэһэллэр. Айылҕаны билбэттэриттэн итинник этэллэр. Айылҕа диэн таайыллар таабырын, кэпсэммэт кистэлэҥ. 

Киһи сүрдээх кэбирэх. Хабах курдук. Ол иһин бэйэ-бэйэни  харыстаһар наада. Саха саха эрдэҕинэ этиһэ, мөккүһэ сылдьыы суоҕа.

– Тоойуом, итинник этимэ, сэттээх-сэлээннээх буолуо» эбэтэр «Кэбис, куһаҕаны саҥарыма, итинник гыныма, – диэн буолара.

Билигин атын көстүү. Бэл, оҕолор мэниктии сылдьалларын көрөн буойаары гыннахха:

– Тугу тойомсуйаҕыный, эн оҕолоруҥ дуо? – дэһэллэр.

Оҕону буойбакка, мээнэ көҥүл-босхо сырытыннара үөрэнэн хааллыбыт. Киһи үүннээх-тэһиннээх иитиллиэхтээх. Үүнэн иһэр ыччат дьону салайан, сүрүннээн, сиэрдээх-майгылаах буоларга үөрэтиллиэхтээх.

Олоҕунан оонньообот куолу. Хас биирдии киһиэхэ ыйаах баар. Сиэри-туому тутуһар киһи ол ыйааҕын толорор, эрдэттэн охсуллубут олуктарынан ууруллан, сайдан иһэр.

Орто дойду олоҕо баара-суоҕа уон икки эмэгэккэ, билгэ бэлиэтигэр, тутуллан турар. Ол иһин мин «Таптал», «Ыам ымыыта», «Оҕо кута»… уо.д.а. эмэгэттэри оҥороммун көмүскэл-харысхал буоллун диэн дьоҥҥо биэрэбин. Уон үһүс эмэгэт  – үрүмэлээх үрүҥ күн. 

Айылҕа ыраастаныытын кэнниттэн Киһи диэн өйдөбүл кэлиэҕэ. Омук диэн суох буолуо, Орто дойду дьиҥнээх олоҕо онно салаллыа. Билигин омук диэн бэрпитин былдьаһа сылдьабыт. Омук диэн дьиҥинэн «олох» диэн өйдөбүл, өй-санаа тутула. Итэҕэл диэн өй-санаа. Үтүө өйдөөх, сайаҕас санаалаах буолуохтаахпыт.