Бу кинигэҕэ уран уус, эмэгэттээх эмчит Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев – Тирэх Уйбаан айылҕаны анаарыыта, эйгэни ырытыыта, этиттэриилээх айымньылара (хоһоонноро, оҥоһуктара) итиэннэ кини туһунан араас сылларга хаһыакка тахсыбыт матырыйааллар, эмтэнэн үтүөрбүт, оҕолонор дьолун билбит дьон махтал суруктара киллэрилиннилэр.
Аан тыл
Күндү ааҕааччы, эн бу тутан олорор кинигэҕэр уран уус, эмэгэттээх эмчит Уйбаан Уйбаанабыс Монастырев – Тирэх Уйбаан айылҕаны анаарыыта, эйгэни ырытыыта, этиттэриилээх айымньылара (хоһоонноро, оҥоһуктара) итиэннэ кини туһунан араас сылларга хаһыакка тахсыбыт матырыйааллар, эмтэнэн үтүөрбүт, оҕолонор дьолун билбит дьон махтал суруктара (хомойуох иһин, кинигэ иэнигэр барыта киирэр кыаҕа суоҕуттан сороҕо эрэ) киллэрилиннилэр.
Биир киһиэхэ элбэх да бэриллибит. Уйбаан Уйбаанабыс уус итиэннэ дьону өрүһүйэр киһи буолуоҕун оҕо эрдэҕиттэн билэр эбит. Художественнай училищены бүтэриэҕиттэн “Сардаана” фабрикаҕа, художественнай пуондаҕа итиэннэ Хаҥалас улууһугар, Покровскайдааҕы оҕо художественнай оскуолатыгар сөбүлүүр идэтинэн үлэлээн, кэнчээри ыччаты сырдыкка-кэрэҕэ уһуйан кэллэ. Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, норуот маастара Уйбаан Монастырев чочуйбут уус-уран оҥоһуктара ураты тыыннаахтар, иччилээхтэр. Киһи өйүгэр-санаатыгар саҥаттан саҥа санааны саҕар дириҥ ис хоһоонноохтор, куту-сүрү бөҕөргөтөр дьайыылаахтар. Эмэгэттэрэ, харысхаллара анал хайысхалаахтар, араҥаччылыыр, эмтиир күүстээхтэр.
Уйбаан Уйбаанабыс ыалдьар дьону эмтиир уонна оҕото суохтары оҕолуур дьикти дьоҕурдаах. Санааҕа-онооҕо баттаппыттар, кыһалҕаҕа ылларбыттар, ыалдьыбыттар киниэхэ кэлэн ыраастатан, үлүгэрдэрин үтэйтэрэн, аартыктарын арыйтаран, ымыы ылан бараллар. Кини эмчит быһыытынан биир уратытынан быраастар «оҕолонор кыаххыт суох» диэн бириигэбэрдээбит дьонноругар оҕо кутун тартарара буолар. Элбэх ыал кини алгыһынан оҕолонор дьолун биллилэр.
“Орто дойдуга дьол диэн – оҕо” диир Тирэх Уйбаан итиэннэ киһи бу Орто дойдуга аналын, дьахтар уонна эр киһи, оҕону иитии, дьиэ кэргэн хайдах буолуохтаахтарын, иитиллэр иэс, таптал, эрэй уонна кыһалҕа, итэҕэл өйдөбүллэрин ааҕааччыга тиийимтиэ тылынан быһааран биэрэр. Итинэн кини уус уонна эмчит буоларын таһынан саха төрүт өйүн-санаатын илдьэ сылдьар Сэһэн быһыытынан арыллар.
Айылҕаттан айдарыылаах киһибитин өйөөн, харыстаан илдьэ сылдьарбыт буоллар, кини дьоҕура эбии арыллан, саха дьоно-сэргэтэ чэгиэн-чэбдик уонна чөл куттаах сылдьарыгар өссө тахсыылаахтык үлэлиэ-хамсыа, айыа-тутуо этэ.
Саха биир ураты киһитин туһунан сэгэтэн көрдөрөр үлэбит күн сирин көрбүтүгэр өйөөбүт дьоммутугар, биир санаалаахтарбытыгар, чуолаан “Саха Сирэ” хаһыат суруналыыһыгар Раиса Сибиряковаҕа, фотограф Мичил Яковлевка уонна “Офсет” кинигэ кыһатыгар махталбытын тиэрдэбит.
Маргарита, Александр Герасимовтар