Күүстээх өргөстөөх өйдөнүн, бар дьоҥҥутугар өйөнөр өһөү буолун !!!
Кытаанах санааланын бар дьоҥҥутугар, тирэнэр тирэх буолун !!!
Или — Эйэни тутуһун, бар дьоҥҥутугар, сомоҕолоһууну, түмсүүнү түстээн !!!
Тирэх Уйбаан баҕардым байымы !!!
Монастырев Иван Иванович — Тирэх Уйбаан, народный мастер по резьбе по дереву, член творческого Союза художников России, целитель
Күүстээх өргөстөөх өйдөнүн, бар дьоҥҥутугар өйөнөр өһөү буолун !!!
Кытаанах санааланын бар дьоҥҥутугар, тирэнэр тирэх буолун !!!
Или — Эйэни тутуһун, бар дьоҥҥутугар, сомоҕолоһууну, түмсүүнү түстээн !!!
Тирэх Уйбаан баҕардым байымы !!!
Истибит илгэм, бар дьонум туһугар туппут тускулум, олоххутугар сиэтиллэр ситим , толорунар дьол буолуохтун .
Миэхэ араас дьоһун дойду дьоно, сылдьыбыттара, барыларыгар, этэбин, или эйэни тутуһун .
Киһи — аймах анала биир, бука бары биир сир ийэҕэ олоробут, ийэ сиргэ бары олоҕу айар — тутар аналлаахпыт, маҥан — хара, улахан — кыра омук диэн арахсыман, бука бары биир үрүҥ күн, күөх халлаан анныгар олоробут, барыбытыгар Айыы таҥара, өйү — санааны, эрэнэн — итэҕэйэн олоҕу айын — тутун диэн итэҕэйбитэ , эрэммитэ диэн өйдөтөбүн, бары ылыналлар, сөпсөһөллөр .
Тирэх Уйбаан.
Тирэх Уйбаан түөлбэтиттэн
Толкуйум тобуллан
Таабырын таайыллан
Түүлүм- битим тупсан
Туругум да тупсан
Тапталым табыллан
Талба талаан түөлбэтиттэн
Тирэхтэнэн, тыын ылан
Табыллыы, тупсуу кынаттанан
ТИРЭХ УЙБААҤҤА тиэрдэбин
Таҥара курдук сырдык киһиэхэ:
Туймаада Эбэ туонатыттан
Татыйаана — Харыстаанаттан
Туохха да тэҥнэммэт
Тиэрдэбин Барҕа баһыыбаны,
Таарыйа мааны махталы.
Тосхойдун эйиэхэ дьол-саргы
Талааныҥ төрүү туруохтун
Туппутуҥ бары табыллыахтын
Төлкөлөөҕү түстээҥҥин
Тупсуо, сайдыа Сахам сирэ.
Татыйаана-Харыстаана
Туймаада туоната.
17.09.2020 с.